Иһинээҕитигэр көс

Леонид Попов

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт
(Мантан: Wq/sah/Леонид Попов көстө)

Леонид Попов (14.08.1919, Арыылаах нэһилиэгэ, Сунтаар улууһа — 01.04.1990) — саха норуодунай бэйиэтэ (1989), ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ (1944).

Хоһоонноруттан быһа тардыылар

[уларыт]
  •  

Саныыбын төрөөбүт алааспын,
Онно саас сандааран эрдэҕэ,
Күн көмүс толбоно сылаастык
Түннүккэ дьиримнээн түстэҕэ.


  •  

Дьолуҥ баар –
Дьоҕус ытыскар.
Илииҥ чэринэн
Эн дьолуҥ кэмнэнэр.



  •  

Илиибэр эн илииҥ баар курдук,
Сүрэхпэр — сүрэҕиҥ сылааһа.

  — Илиибэр эн илииҥ баар курдук...
  •  

 Илиибэр эн илииҥ суох буолла
Бырастыы, бутэһик бырастыы,
Быданнаах арахсыы туһаайда.
Арахсыах баар этэ атастыы...

  — Илиибэр эн илииҥ суох буолла...

Эппит этиилэрэ

[уларыт]
  •  

Төһө күүстээхтик, тирииҥ тэнийэ үлэлиигин да, соччонон үөрүүлээхтик, дууһаҕар чэпчэкитик олороҕун.

  — Чолбонтон

Айымньыларын туһунан

[уларыт]
  •  

Икки ардылара сүүрбэ сыл арыттаах «Илиибэр эн илииҥ баар курдук» уонна «Илиибэр эн илииҥ суох буолла» диэн икки кылгас хоһооннорун аахтахпына - мин икки туомнаах бөдөҥ драматическай, ону ааһан трагическай айымньыны аахпыт тэҥэ буолабын.

  Сэмэн Руфов
  •  

 - Слышите – какая наивность, сила, не знаю, удастся ли мне (перевести).

  Анна Ахматова, Леонид Попов хоһооннорун тылбааһыгар киирэн иһэн, подстрочнигын Лидия Корнеевна Чуковскаяҕа ааҕан биэрэн баран 1952 сыллаахха эппит тыллара. Ахматова Л. Попов 9 хоһоонун тылбаастаабыт («Земля якута», «Москвичи в якутской тайге», «Весна в Якутии», «Утро на Лене», «Поэту», «Ночь простерла покрывало…», «Вечерняя Лена», «Свет над тайгой», «Грядущее»). «Свет над тайгой» диэн тылбааһы 1965 сыллаахха тылбаастарын хомуурунньугун былааныгар киллэрбитэ биллэр (онно олоҕуран, ордук сыаналыыр хоһооно эбит дииллэр).