Иһинээҕитигэр көс

Ыһыах

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт

Ыһыах туһунан уус-уран айымньыга

[уларыт]
  •  

Икки түүннээх күн буолбут ыһыах устата дьон-сэргэ барахсан эдэрдиин-эмэнниин күөгэйэ хамсаан эрэр күөх сирэм быыһынан хаамса сылдьан көрүлээн, кыыдааннаах уһун кыс устата бокуйа көһүйбүт сүһүөҕүн тэнитиэ, курунньугун тэбиэ, сүрэҕин-быарын сылаанньытыа! "Күлбэтэх-үөрбэтэх ама баар үһүө!" - диэх курдуга.

  Афанасий Харитонов. Тайахтаах таптал. Дьокуускай: Бичик, 2004. С.40
  •  

Ыһыах саха киһитин кутун-сүрүн уйгуурдар. Эр дьон ыһыахха миинэн барар ат, ыҥыыр булунар, ону көрүнэр, холум-дьирим тардынар түбүгэр түһэр.

  Афанасий Харитонов. Тайахтаах таптал. Дьокуускай: Бичик, 2004. С.40
  •  

Маннык кыыһы, эйигин,
Ханна көрдүм этэй мин?

Биитэр, били күөх тыаҕа
Дьэдьэн үрүгүүр кыыскын дуу?
Биитэр, били ыһыахха
Үҥкүүлэспит кыыскын дуу?

  Леонид Попов тылларыгар, Алексей Попов мелодиятыгар "Ханна көрдүм этэй мин?" киэҥник биллэ сылдьыбыт ырыаттан