Ыаһах

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт

Ыаһахтаһыы, сэһэргэһии туһунан уус-уран айымньыга[уларыт]

  •  

 Алаадьылаах хойуу чэйи
Алыс бэркэ астынан,
Дьон истэриттэн сайдан,
Тото-хана кэпсэттилэр.
Ким төһө түүтэхтээҕин,
Ким хас сыарҕа оттооҕун,
Хаһан муҥха буоларын,
Ханна куобах элбэҕин,
Тумус Уйбаан урут хайтах
Тууну уоран көрбүтүн,
Ыстапааһа оҕонньор
Ыыска түһэн өлбүтүн,
Хомуос кыыһа эригэр
Хоолдьуга ат сиэбэтэҕин,
Кэккэлэһэ нэһилиэккэ
Кийиит сүктэн кэлбитин -
Илбээн-холбоон, ыаһахтаһан,
Ирэ-хоро ырыттылар.

  В.М, Новиков, Талыллыбыт айымньылар/Ымыы уонна Налбыһах.- Якутскай, 1977, С. 76