Уойуу

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт

Уойуу - тыынар тыыннаах аһаан ыйааһынын эбиитэ, төлөһүйүүтэ, сыата халыҥыыра.

Сомоҕо домохтор[уларыт]

  • Мороччу уой - аһара уой, хос сыҥаахтан
  • Мотоҕоно курдук - улахана суох уҥуохтаах, төгүрүк, тот көрүҥнээх, үксүн эдэр киһиэхэ сыһыаннаан этэллэр
  • Мотооччох курдук - кыра уҥуохтаах, толору эттээх.
  • Мотуой курдук - сымнаҕас эттээх, молтоҕор кыыс, эдэр дьахтар
  • Мохсорҕоно курдук - төкүнүк, эмис ыт оҕото