Суобас
Тас көрүҥэ
Суобас - киһи ис санаатыттан сиэри-майгыны кэспэккэ тутуһуута, сөптөөҕү, үчүгэйи санааһына.
Суобас туһунан уус-уран айымньыга
[уларыт]Кини итиннэ байар умсулҕаныгар суобаһын хараардан, Өндүрэй кэриэс тылын киргэ-буорга тэпсэн туран көмүс уурумньулаах дьааһыгын ылбыта. "Таҥараттан киһи айыытын-буруйун кистээбэтин, мэлдьэспэтин курдук, суобаһыттан киһи ханна да куоппат", - дии санаабыта Дьөгүөрсэ, ол эрээри ылбытын билинэриттэн сааппыта, туттуммута. | |
— Николай Якутскай. Адаҕа. Якутскай, Кинигэ издательствота: 1982. С.111 |
Тойон таҥара, эт эрэ, | |
— Күннүк Уурастыырап, Талыллыбыт айымньылар/Ымыы уонна Налбыһах.- Якутскай, 1977, С. 130 |
- - Эн бэйэҕин бэйэҥ кыраммытыҥ. Кыра дьону дьон дии санаабат этиҥ... Солоҕо-чыыҥҥа суобаскын, дууһаҕын атыылаабытыҥ...
Иван Гоголев, Хара кыталык.