Николай Максимов
Николай Иванович Максимов - саха биллиилээх суруналыыһа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруналыыстыкаҕа судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата.
Сахалар саҥаҕа сүрдээх дьоҕурдаах дьоммут. | |
— Саха саҥата. - Дьокуускай: Бичик, 2010, с.5 |
Далан кэмэ - кэлэр үйэ. | |
— Саха саҥата. - Дьокуускай: Бичик, 2010, с.147 |
Бастыҥтан бастыҥнар холбоһоллор, төрүөҕүҥ кэскилэ онтон быһаарыллар. Бэл үөн-көйүүр, көтөр-сүүрэр итини тутуһар. | |
— Саха саҥата. - Дьокуускай: Бичик, 2010, с.189 |
Өбүгэбит биһиэхэ баай культураны хаалларбыта, ону сатаан, өйдөөхтүк туһанан аан дойду норуоттарын культуратыгар киллэрэр кылааппытын хаҥатан истэрбит омук быһыытынан үйэбит уһуо этэ. | |
— Театр уонна олох. - Дьокуускай: Сайдам, 2005, с.3 |
Дьиҥэр, народнай театрдар интеллигенцияҕа, эдэр ыччакка тирэҕирэн үлэлиэхтээхтэр. | |
— Театр уонна олох. - Дьокуускай: Сайдам, 2005, с.7 |
Далан кэмэ - кэлэр үйэ. | |
— Театр уонна олох. - Дьокуускай: Сайдам, 2005, с.147 |
Драматург булбут тиэмэтэ төһө да арылхайын, конфлига сытыытын иһин, манна көстөр персонажтар оруоллара быһаарар миэстэни ылбат буоллахтарына, пьеса суолтата сүтэр. | |
— Театр уонна олох. - Дьокуускай: Сайдам, 2005, с.11 |
Саха сиригэр театры таптыыллар. | |
— Театр уонна олох. - Дьокуускай: Сайдам, 2005, с.12 |
Национальнай театр үөскээһинэ ханнык баҕарар омук духовнай олоҕор биир сүҥкэннээхэй событие, өрө көтүү буолар. | |
— Театр уонна олох. - Дьокуускай: Сайдам, 2005, с.20 |
Дьаакып – норуот сырдык баҕатын түмэн көрдөрөр сүдү характер (Алампа "Дьадаҥы Дьаакып" драматын туһунан). | |
— Театр уонна олох. - Дьокуускай: Сайдам, 2005, с.62 |
Норуот олоҕун киэҥник уонна кырдьыктаахтык ылан түмэн көрдөрүү, бөдөҥ характердар, көрөөччү өйүгэр-санаатыгар чопчу туһаайыллыбыт ис хоһоон - саха эрдэтээҥи драматургиятын сүрүн күүһэ. | |
— Театр уонна олох. - Дьокуускай: Сайдам, 2005, с.64 |
Юрий Платонов ырыа ис хоһоонугар иҥэн-тоҥон киирэринэн, чахчы иэйиилээхтик ханнык баҕарар ырыаҕа бэйэтин сыһыанын биэрэн ыллыырынан уратылаах. | |
— Театр уонна олох. - Дьокуускай: Сайдам, 2005, с.65 |
Ойуунускай тыла аҥардас истэргэ кэрэ, дьиҥнээх төрүт-уус саха норуотун тыла буоларын ааһан, бу охсуһар, айар-тутар тыл. | |
— Театр уонна олох. - Дьокуускай: Сайдам, 2005, с.71 |
Симон Федотов артыыс быһыытынан саамай сыаналанар өттө - кини ханнык да уобараска оонньоотор персонаж ис эйгэтин спектакль сүрүн ирдэбилигэр сөп түбэһиннэрэн айарга дьулуһар. | |
— Театр уонна олох. - Дьокуускай: Сайдам, 2005, с.74 |
Баһылай Харысхал - эдэр ааптар. Норуот олорон ааспыт тыҥааһыннаах, өлөр-тиллэр охсуһууга сылдьыбыт сылларын була, оҥоро сатаабакка ис сүрэҕиттэн истиҥник этигэр-хааныгар иҥэрэн, дууһатыгар сөҥөрөн чиэһинэйдик суруйара махталлаах. | |
— Театр уонна олох. - Дьокуускай: Сайдам, 2005, с.82 |
А.Кулаковскай, А.Софронов, Н.Неустроев айымньылара профессиональнай театр үөскүүрүгэр төрүтү, бөҕө олоҕу биэрбиттэрэ. | |
— Театр уонна олох. - Дьокуускай: Сайдам, 2005, с.82 |
Саха театра силис-мутук тардан үөскээн-сайдан иһиитэ нуучча бөҕө, олохтоох-сиэрдээх баай реалистическай искусствотын кытта ыкса ситимнээх. | |
— Театр уонна олох. - Дьокуускай: Сайдам, 2005, с.82 |
Ханнык баҕарар театрга артыыс сүрүннүүр оруолу ылар. | |
— Театр уонна олох. - Дьокуускай: Сайдам, 2005, с.83 |
Саха профессиональнай театрын дьиҥ төрдө саха норуотун баай фольклоругар сытар. | |
— Театр уонна олох. - Дьокуускай: Сайдам, 2005, с.83 |
Саха киһитэ хайдахтаах курдук уус-уран кэпсээнньитий, хайдахтаах тулуурдаах истээччиний! | |
— Театр уонна олох. - Дьокуускай: Сайдам, 2005, с.83 |
Саха артыыһа үчүгэйдик эбэтэр куһаҕаннык оонньуон сөп, ол эрээри кини хайаан да уобараһы айарга дьулуһуо. | |
— Театр уонна олох. - Дьокуускай: Сайдам, 2005, с.83 |
Дмитрий Федорович, кырдьык да, уһулуччулаах артыыс эрэ буолбакка гражданин, личность быһыытынан сүдү киһи этэ (Дмитрий Ходулов туһунан). | |
— Театр уонна олох. - Дьокуускай: Сайдам, 2005, с.84-85 |
Ханнык баҕарар артыыс классикаҕа да, аныгы репертуарга киэҥник туһаныллар буоллаҕына киниэхэ айан умсулҕан, бэйэ күүһүгэр, дьоҕуругар эрэл үөскүүр. | |
— Театр уонна олох. - Дьокуускай: Сайдам, 2005, с.87 |
Театрга кэлэн биһиги, көрөөччүлэр, бириэмэни тохтотон, бу маннык үлэлээн-хамсаан, айан-тутан улуу да кэмҥэ, кэрэ да дьон олорор эбиппит ээ, диэн сүөм үрдээн, санаалыын сайдан, сүрэхтиин сөбүлээн, үөрэн-көтөн тарҕаһабыт. | |
— Театр уонна олох. - Дьокуускай: Сайдам, 2005, с.88 |
Көрүҥнүүн-бодолуун, быһыылыын-майгылыын, өйдүүн-санаалыын Герасим Васильев дьиҥнээх саха артыыһа. | |
— Театр уонна олох. - Дьокуускай: Сайдам, 2005, с.119 |
Бассабыыктар саҥардыы былааһы ылан күннээн-күөнэхтээн эрэр кэмнэригэр маннык пьесаны суруйуу суруйааччы харса суоҕун, гражданскай иэһин үрдүктүк өйдүүрүн туоһута (Николай Неустроев "Тар" комедиятын туһунан). | |
— Театр уонна олох. - Дьокуускай: Сайдам, 2005, с.136 |
Андрей Борисов төрөөбүт норуотун улуу муудараһыгар, дириҥ улаҕалаах өйүгэр, баай философиятыгар тирэҕирбитэ, кини төрөппүт чулуу уолаттарын өйдөрүн-санааларын сахалыы тыыннаан үөһэ көтүтэн, өлбөт аналлаата. | |
— Театр уонна олох. - Дьокуускай: Сайдам, 2005, с.143 |
Киһи тус бэйэтин өйдөбүлэ общество сиэрин-майгытын кытта сөп түбэспэт буоллаҕына комедия түгэнэ үөскүүр (Николай Неустроев "Куһаҕан тыын" айымньытын туһунан). | |
— Театр уонна олох. - Дьокуускай: Сайдам, 2005, с.150 |
Суох, куһаҕан тыын иччигэ, абааһыга буолбатах, куһаҕан тыын - бары сиэри-майгыны кэһэн, оҕо-уруу, дьон-сэргэ диэн сырдык өйдөбүллэри тэпсэн киһилии сэбэрэни сүтэриигэ сытар диэн драматург этэр (Николай Неустроев "Куһаҕан тыын" айымньытын туһунан). | |
— Театр уонна олох. - Дьокуускай: Сайдам, 2005, с.150 |
Бырдаахап алдьархайа - саҥа олоҕу кытта саҥа сиэр-майгы үөскээһинин билбэтэ, билэргэ да кыһаммата (Николай Неустроев "Куһаҕан тыын" айымньытын туһунан). | |
— Театр уонна олох. - Дьокуускай: Сайдам, 2005, с.150 |
Революция иннинээҕи саха үөрэхтээх интеллигенцията төрөөбүт норуоттарын ааҥнаан иһэр аана суох алдьархайтан өрүһүйээри туруулаһан охсуспуттара. | |
— Театр уонна олох. - Дьокуускай: Сайдам, 2005, с.151 |
Кини спектакла притчевай ис хоһоонноох ханнык эрэ ытык дьайыыны санатар (режиссер Юрий Макаров туһунан). | |
— Театр уонна олох. - Дьокуускай: Сайдам, 2005, с.163 |
А.И.Софронов драмалара бу үйэ саҕаланыытыгар суруллубуттара. Ол тухары Алампа драмаларын нөҥүө бүгүҥҥү биһиги олохпутун тыктаран көрөрбүт тохтообот. | |
— Театр уонна олох. - Дьокуускай: Сайдам, 2005, с.164 |
Народнай театрдар миэстэтигэр тугунан да кэмнэммэт улахан үлэни ыыталлар, кинилэр дууһа эмчиттэрэ буолаллар. | |
— Театр уонна олох. - Дьокуускай: Сайдам, 2005, с.168 |
Сиэн Өкөр пьесалара ураты эйгэлээхтэр, ону кини аҕыйах ремарканан да олус бэргэнник ойуулаан кэбиһэр дьоҕурдаах. | |
— Театр уонна олох. - Дьокуускай: Сайдам, 2005, с.170 |
Сиэн Өкөр пьесалара омос көрүүгэ төһө да курус тыыннаах курдук буоллар, киһини өрө көтөҕөр, чэбдигирдэр, ыраастыыр күүстээх. | |
— Театр уонна олох. - Дьокуускай: Сайдам, 2005, с.171 |
Классика диэн, ханарытан эттэххэ, нация духовнай сайдыытыгар сүҥкэн суолталаах, төһө да кэм ааспытын иһин күөрэйэн тахса турар, күндү кылаат буолар бастыҥ уус-уран айымньыларбытын ааттыыбыт. | |
— Театр уонна олох. - Дьокуускай: Сайдам, 2005, с.172 |
Классика хайа да кэмҥэ кырдьыбат, араас өҥүнэн күлүмүрдүү оонньоон, билиҥҥи олоххо сыһыаннаах саҥа ирдэбиллэри туруоран эдэригэр түһэн иһэр дьиктилээх. | |
— Театр уонна олох. - Дьокуускай: Сайдам, 2005, с.172 |
Алампа драматургията - саха олоҕун энциклопедията. Кини пьесаларынан атын омук дьоно саха норуотун туһунан толору өйдөбүлү ылыан сөп. | |
— Театр уонна олох. - Дьокуускай: Сайдам, 2005, с.172 |
Алампаны Саха эрэ театра туруоруон, кини пьесаларыгар саха эрэ артыыһа оонньуон сөп. Кини сахата бэрт. | |
— Театр уонна олох. - Дьокуускай: Сайдам, 2005, с.174 |
Саха драматическай театрын историятыгар үйэни түмүктүү, саҥа үйэни көрсө, аан дойду таһымыгар хоруйдуур этапнай спектакль тахсан эрэр ("Кыыс Дэбилийэ" спектакль туһунан). | |
— Театр уонна олох. - Дьокуускай: Сайдам, 2005, с.177 |
Оҕоҕун бэйэҥ тылгар-өскөр уһуй, үйэлэргэ муспут баай үгэскэр сыһыар, үтүөнү утумнаа - "Кыыс Дэбилийэ" спектакль сүрүн идеята. | |
— Театр уонна олох. - Дьокуускай: Сайдам, 2005, с.200 |
Андрей Борисов эт-хаан бэйэтин норуотун айымньыларын Сахатын театрын сценатыгар туруоран аатырда. Ол аата саха да суруйааччыта аан дойду таһымыгар хоруйдуур, киһи аймаҕы долгутар "чулуу айымньыны" айар кыахтаах эбит дэттэ. | |
— Театр уонна олох. - Дьокуускай: Сайдам, 2005, с.236 |