Харысхал
Баһылай Харысхал Бикипиэдьийэҕэ? | |
Баһылай Харысхал Бикитиэкэҕэ? | |
Category: Биики Хааһахха? |
Баһылай Харысхал (Василий Егорович Васильев, 06.11.1950) - Амматтан төрүттээх саха норуодунай суруйааччыта.
Баһылай Харысхал бэргэн этиилэрэ
[уларыт]“Биһиги, сахалар, аан дойду атын омуктарын курдук хомуньуустар «эбисийээнэлэрин үөрэҕэр» хайдах да киирсибэт бэйэбит туспа культуралаах, итэҕэллээх, туспа сайдар суоллаах омук буолабыт.” | |
— (Баһылай Харысхал, “Ааспыт кэм аартыктарынан” документальнай роман, Аан тыл, 2021, 6 стр.) |
Бэйэтэ эмтиэкэ
[уларыт]“Көҥүл туһугар” буолбакка киһи көҥүлүн күөмчүлүүр былаас!”; | |
— (Хабырыыс, “Хайаан да эргиллиэм” роман-пьеса, Хайаан да эргиллиэм, 2017, 18 стр.) |
“Чэпчэкитик тиксибит баай сол курдук чэпчэкитик сыаналанан, тарбаҕыҥ быыһынан саккыраан хаалар” | |
— (Хабырыыс, “Хайаан да эргиллиэм” роман-пьеса, Хайаан да эргиллиэм, 2017, 18 стр.) |
“Киһи уҥуоҕун үрдүгэр тутуллубут дьиэ хаһан да көмүс ньээкэ уйа буолбатын кэриэтэ, дьон көхсүн хаанын үрүйэ уутунуу сүүрүгүрдүбүт, туох да буруйа суохтарыгар өлөрүллүбүт дьон уҥуохтарынан кирилиэстэнэн олохтоммут былаас син биир уһун үйэлэниэ суоҕа!” | |
— (Хабырыыс, “Хайаан да эргиллиэм” роман-пьеса, Хайаан да эргиллиэм, 2017, 18 стр.) |
“Эр киһи – булчут. Биир балаҕан түөрт эркинигэр хаайтарыа суохтаах” | |
— (Манньыаттаах, “Хайаан да эргиллиэм” роман-пьеса, Хайаан да эргиллиэм, 2017, 20 стр.) |
“Мин да олох аһыытын-ньулуунун барытын амсайдым. Дьон бөҕөнү өлөртөн быыһыы сылдьар луохтуур киһи бэйэтин төрөппүт оҕолоруттан көрө малыйара – ыарахан суол!” | |
— (Сокуонньукап, “Хайаан да эргиллиэм” роман-пьеса, Бастыҥ хатыыта, 2017, 103 стр.) |
“Айыы Тойон Таҥара! Сымыйа итэҕэлгэ албыннатан харахтара-кулгаахтара сабыллыбыт кулуттаргын аһын, харыһый! Бу иирээн долгунугар саха омук улахан омуктарга суураллан, симэлийэн хаалбатын! Аһын! Харыһый!” | |
— (Сүөдэр Аҕабыыт, “Хайаан да эргиллиэм” роман-пьеса, Хайаан да эргиллиэм, 2017, 47 стр.) |