Бүлүү (өрүс)

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт

АлданӨлүөнэ өрүс бөдөҥ салаата.

  •  

Сайыҥҥы киэһэ Бүлүү
Түҥ былыргыны түһүүр,
Долгун устун күлүмүрдүү
Устар санньыар
музыка -
блюз.

  — Бүлүү эбэ туһунан блюз, Борис Павлов //"Дьолуо", Көмүөл, Дьокуускай, 2017, С.9


  •  

Аатырар Өлүөнэм
Айгыстар уораана,
Көмүстээх Алданым
Көмүөлүн чаҕыла,
Үүт Бүлүүм илгэлээх
Сиккиэрэ буоламмын —
Хотугу дойдубут
Күн дьолун кэпсиибин,
Көҥүл сир кэхтибэт
Өрөгөй мичилин.

  Сэмэн Данилов, "Эҕэрдэ ырыата"
  •  

Мин өрүү эйигин түһүүбүн,
Мин өрүү эйигин көрөбүн —
Төрөөбүт тапталлаах Бүлүүбүн,
Мин кэрэ, мин талба өрүспүн!

Харахпар хатыҥыҥ наскыйар,
Санныбар сыа хаарыҥ налыйар.
Иннибэр сүүрүгүҥ дьэргэйэр,
Үрдүбэр чыычааҕыҥ битийэр.

  Дадаскинов Степан Егорович, Мин өрүү эйигин түһүүбүн