Дадаскинов Степан Егорович

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт

Дадаскинов Степан Егорович (20.08.1933—29.03.2011) — аҕыйах ахсааннаах омуктар тылларынан Саха араадьыйатыгар саҥарар "Геван" эрэдээксийэни олохтообут суруналыыс, бэйиэт, прозаик.

  •  

Төрөөбүт тылым!
Эйиэхэ баар эбэм ырыата
Эйиэхэ баар эһэм алгыһа,
Эйиэхэ баар аҕам үөрүүтэ
Эйиэхэ баар ийэм иэйиитэ!


  •  

Эйигин, тиит маспын,
Махтана көрөбүн,
Хорсуҥҥун хайгыыбын,
Тулуургун сөҕөбүн.
Санаабар сахалыы
Саҥарар курдуккун,
Лабааҕын далбааҥҥын
Эн ууммуккун.

  — "Мин хотугу тиитим" ырыа буолбут хоһоонуттан
  •  

Эйиэхэ эрэ мин ылларан
Ол халлаан иминии ууллуоҕум,
Эйиэхэ эрэ мин таттаран
Ый-сулус ханнатын умнуоҕум.

  — Эйиэхэ эрэ...
  •  

Мин өрүү эйигин түһүүбүн,
Мин өрүү эйигин көрөбүн —
Төрөөбүт тапталлаах Бүлүүбүн,
Мин кэрэ, мин талба өрүспүн!

Харахпар хатыҥыҥ наскыйар,
Санныбар сыа хаарыҥ налыйар.
Иннибэр сүүрүгүҥ дьэргэйэр,
Үрдүбэр чыычааҕыҥ битийэр.

  — Мин өрүү эйигин түһүүбүн
  •  

Сөрүүн киэһэ
Өрүс үөһэ
Эһиэкэйбит
Эҥсэр-иэйэр.
Кэнтик диэки
Кэрии тииккэ
Кэпсии-ипсии
Кэҕэ этэр.

Хос ырыата:
Үөһээ Бүлүү
Үрүҥ түүнүн
Үөрэ көрүүй,
Үҥкүүлээриий!
Куорамыкы
Куруук маннык
Сырдыы турдун,
Тойук туойдун!

  — Үөһээ Бүлүү үрүҥ түүнэ