Өлүөнэ

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт

Өлүөнэ

  •  

өҥ уулаах, өнөр мастаах, үлүскэннээх үс үөстээх Өлүөнэ өрүс

  — Исторические предания и рассказы якутов. М. Изд-во АН СССР, 1960. - Ч.2, С.59
  •  

Үллэр үөстээх Өлүөнэ Эбэ
Өлбөт мэҥэ угуттуур уулаах.
Элбэх омукка эрчим эбэр,
Или-эйэни олохтуур уохтаах.

  — Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыата
  •  

Аатырар Өлүөнэм
Айгыстар уораана,
Көмүстээх Алданым
Көмүөлүн чаҕыла,
Үүт Бүлүүм илгэлээх
Сиккиэрэ буоламмын —
Хотугу дойдубут
Күн дьолун кэпсиибин,
Көҥүл сир кэхтибэт
Өрөгөй мичилин.

  Сэмэн Данилов, "Эҕэрдэ ырыата"
  •  

Күөх мыраан күлүгэ аларга түһүүтэ
Өлүөнэ чэлгийэр биэрэгэр —
Колхозтаах хочоҕо, бу дьоллоох дойдуга
Эриэккэс биир ырыа дьиэрэйэр.

  Сэмэн Данилов, "Махтал ырыата", Захар Винокуров мелодяитыгар ырыа буолбута
  •  

Үөрэниэххэ, үүнүөххэ
Үчүгэй да дойду,
Үчүгэй да дойду
Өлүөнэ эбэккэм.

  Сэмэн Данилов тылларыгар Г. Никифоров мелодяитыгар ылланар "Өлүөнэ эбэкэм" ырыаттан