Иһинээҕитигэр көс

Алтан Сарын

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт

Гаврил Васильевич Баишев-Алтан Сарын - саха суруйааччыта, бэйиэт, учуонай.

Айымньыларыттан

[уларыт]
  •  

Тымныы тыал тыалырда, сүрэҕим-быарым долгуйда, сирэйим хаана ил-ил кынна.

  — Уруккутун өйдүөбүт (Сүүрбэһис үйэ кэпсээнньиттэрэ. Дьокуускай: Бичик, 2000, с.39)


  •  

Улуу хара тыа туох эрэ кистэлэҥ кэпсээннээх, туох эрэ туһунан тойуктаах,ханнык эрэ хараҥа санаа халбарыйбат даа, онтукатын харахтаахха көрдөрбөт, кулгаахтаахха иһитиннэрбэт, кини сорох ардыгар сибигинэйэн сипсийэрин иһиллээтэх аайы, ылы-дьылы баран, харааран, түҥкүрэн биэрэр, кини киһиттэн сэрэнэр, кини киһиттэн куттанар.

  — Үрэх баһын тыата. Стр 165. Тоҕус этиҥ тойуга.1997.Бичик.


  •  

Аал уоккутун оттуҥ,
Аан чалбараҥы тардыҥ,
Астаан-үөллээн айбардааҥ!
Унаар түптэҕитин күөдүтүҥ,
Уйгу быйаҥы олохтооҥ!
Омук киһитэ омсоһут буолуоҕа -
Сандалы туоскутун тиириҥ,
даххан олоххутун тардыҥ,
Сыатааҕар минньийиҥ,
Арыытааҕар ньалҕарыйыҥ!...

  Омоҕойдоох Эллэй. Тоҕус этиҥ тойуга. 1997. Бичик. С.188


  •  

Тылбын ылынаҥҥын,
Унаар буруобун умуруорбакка,
Өтөхпөр төҥүргэс буолан
Хааларыҥ эбитэ буоллар,
Аан дойдуттан
Арахсар даа күммэр
Астынан арахсыам этэ...

  — Омоҕойдоох Эллэй. Тоҕус этиҥ тойуга.1997.Бичик. С.193

Пекарскайга

[уларыт]
  •  

... бу эн тылдьытыҥ бүтэн таҕыстаҕына, - баҕар саха тыла онтон тирэхтэнэн, хайыҥнанан, өрүттэн туран сайдар, барҕарар анныгар барыа этэ.

  — 1926, Москубаҕа буолбут Э.К. Пекарскай научнай, уопсастыбаннай үлэтин 45 сылын дьоро киэһэҕэ