Үүт
Үүт - үүтүнэн иитээччилэр уонна дьахтар саҥа төрөөбүт оҕолорун эмтэрэллэригэр эмиийдэригэр үөскүүр маҥан өҥнөөх убаҕас.
Өс хоһоонугар, сомоҕо домоххо
[уларыт]- Эн хараххар ким даа үүт ыгыа суоҕа.
Үүт туһунан уус-уран айымньыга
[уларыт]-- Үүкэй, Үүкэй, Үүкэй, | |
— Көстөкүүн Туйаарыскай |
"Үүт испит киһи өйө-санаата элбиэ этэ, бука... Үүт баар эбит икки атахтаахха өлбөт мэҥэ уута, үрүҥ илгэ, тыын уһатааччы, күүс эбээччи". | |
— П.А. Ойуунускай, Сэһэннэр, кэпсээннэр. Иирбит Ньукуус / - Дьокуускай : Бичик, 2003, С. 147 |
- "Бу оҕолоругар (Бэйбэлдьин-куоҕа)
Хара анах үүтүн хаарыйан аһатан
Ханаҕаркаан оҥорбуттар,
Эриэн ынах үүтүн эҥсэн иһэрдэн
Эригиркээн гына ииппиттэр,
Үрүҥ ынах үүтүн
Үрүмэлээн сиэтэннэр
Үөһэҕиркээн өттүктээбиттэр,
Дьаҕыл ынах үүтүн
Чаччаҕалаан аһатан
Ласпаҕыркаан самыылаабыттар,
Лаглаҕыркаан быһыылаабыттар,
Кугас ынах үүтүн
Хойнорон иһэрдэн
Хончоҕор уҥуохтаабыттар,
Ходьоҕуркаан быһыылаабыттар эбит".
Андросова-Ионова М.Н., Олоҥхолор. Ырыалар. Этнографическай бэлиэтээһиннэр. Ыстатыйалар. Күлкүл-бөҕө оҕонньор Силирикээн эмээхсин икки / - Дьокуускай, 1998, С. 39}}
Үүт туһунан ыстатыйалартан
[уларыт]- ...Ийэ үүтэ оҕо куртаҕар уонна оһоҕоһугар чэпчэкитик иҥэр белоктан турар. ...Араас битэмииннэринэн, минеральнай эттиктэринэн, микроэлеменнэринэн, мэйии уонна көрөр орган салгыы сайдалларын хааччыйар аминокислоталарынан баай. Ийэ үүтүгэр баар селен диэн микроэлэмиэн сүрэх-тымыр ыарыытыттан харыстыыр, вируска уонна бактыарыйаҕа хаптарар кутталы аҕыйатар. Кальций уонна фосфор уҥуох ыарыытыттан (рахиттан) сэрэтэллэр.
Кыыс куо, Далбар хотун энциклопедията. Бичик, 2019