Эр киһи уонна дьахтар
Таҥара эр киһини айан баран: «Мин мантан муҥурдаммат кыахтаахпын» диэн баран дьахтары айбыта. Адела Сент-Джонс (Б.Роуз "Бэргэн этии кинигэтэ", 1979)*
Биир лааҕыры көрөргө-харайарга сүүс эр киһи наада, оттон биир дьиэни көрөргө-харайарга биир дьахтар сөп оҥорор. Роберт Ингерсолл "Дом"*
Ортоһуор эр киһини кытта тэҥнээтэххэ, дьахтар сиппит-хоппут харамай. Сирил Норткот Паркинсон "Паркинсон сокуоннара"*
Өскөтүн дьахталлар ис дууһа да, эт-хаан да өттүнэн эр дьон курдук сиримсэх эбиттэрэ буоллар, аан дойдуга киһи-аймах сүтэн симэлийиэ этэ. Бернард Шоу "Киһи уонна киһини таһынан киһи"*
Дьахтар барытыгар сатабыллаах, эр дьон онтон атыныгар. Анри Ренье "Кини, эбэтэр Дьахтар уонна таптал"*
Дьахтар күүһэ - эр дьон мөлтөҕөр. Вольтер "Недотрога"*
Мин бу дьахтар сылааһыгар сууланан олоҕум тухары олоруом этэ. Жюль Ренар "Күннүк"*
Эр киһи дьахтары таптыыр. Дьахтар оҕотун таптыыр, оҕо кутуйаҕы таптыыр, оттон кутуйах кими да таптаабат. Эйлис Эллис Би-би-си биэриигэ "Бэлиэтинньик"*
Туохха да итэҕэйбэт киһиэхэ кинини итэҕэйэр дьахтар наада. Ойген Розеншток-Хесси (У.Х.Оден."Биир эйгэ: уопсай миэстэ кинигэтэ", 1970)
Баайа барыта баар эр киһиэхэ күндү бэлэх – бу баайы туохха барыырын билэр дьахтар. Э.Маккензи "Суруйааччыларга уонна араатардарга аналлаах 14000 этии"
Биир да эр киһи хайа да дьахтары атын дьахтар билэрин курдук билбэт. Роберто Джервазо "Саҥарар чөҥчөҥө"
Хас биирдии эр киһиэхэ бу олоххо үс кэрэ аҥаар наада. Ол кини ийэтэ, ойоҕо уонна саатар биир, кинини эр киһи курдук көрөр дьахтар. Габриэль Лауб "Кыйахаммыт логика: Бэргэн этиилэр"*
Эр киһи дьахтар кини туһугар оҥорорун туохтааҕар да намыһахтык сыаналыыр. "Таптал бэргэн этиилэрэ" (Мюнхен, 1979)
Дьахтар – эр киһиэхэ олох кумах куйаарын ааһарыгар көмөлөһөр тэбиэн. Патнем Уил "Бобуулаах кыраныысса"
Эр киһиэхэ лаампа курдук холбонор уонна арахсар дьахтар наада. Ян Фленинг (Д.Пирсон "Ян Фленинг олоҕо")