Иһинээҕитигэр көс

Цицерон

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт
  • Дьолу таҥараттан көрдөө, өйү - бэйэҥ ситис.

Счастье следует просить у бога, мудрость — приобретать самому.

  • Буолар кыаҕа суох буолбат, буолар кыахтаах - дьикти көстүү буолбатах. Ол аата дьикти көстүү диэн суох.

То, что не может произойти, никогда не происходит; то, что может, — не чудо. Следовательно, чуда вовсе не бывает.

  • Өҥөннөн туһаммыт киһи ону умнуо суохтаах. Өҥөнү оҥорбут киһи ол туһунан санатыа суохтаах.

Тот, кому она [услуга] оказана, должен о ней помнить, а оказавший — не напоминать о ней.

  • Аһы күүс эбиллэрин курдук аһаа, өһүллэрин курдук аһаама.

Есть и пить нужно столько, чтобы наши силы этим восстанавливались, а не подавлялись.

  • Ханнык баҕарар киһи сыыһар, акаары эрэ алҕаһын билиммэт.

Каждому человеку свойственно ошибаться, но только глупцу свойственно упорствовать в своей ошибке.

  • Киһиргэс тыл - мөлтөх киһи көстүүтэ. Кыахтаах мээнэ саҥарбат.

Хвастливые речи — первый признак слабости, а те, кто способен на большие дела, держат язык за зубами.

  • Доҕоро кырдьыгы этэрин сатаан истибэт киһини туох да абыраабат.

Чьи уши закрыты для правды и кто не в силах выслушать её из уст друга, того не спасёт уже ничто.

  • Иллэҥ кэммэр отой солото суохпун.

Я никогда не бываю так занят, как в часы своего досуга.

  • Уус тыллаах көннөрүнү судургутук этэр, улууну - өрө көтөҕүүлээхтик, ортону - намыратан саҥарар.

Истинно красноречив тот, кто обыкновенные предметы выражает просто, великие — возвышенно, а средние — с умеренностью.

  • Улуу араатар этиллиэхтээҕи эрэ этэринэн аатырбат, этиллиэ суохтааҕы эппэтинэн аатырар.

Величайшее из достоинств оратора — не только сказать то, что нужно, но и не сказать того, что не нужно.

  • Кэпсииргин билэр буоллаххына саҥаҥ тахсар. Билбэт буоллаххына уус тылыҥ халтайга хаалар.

Речь должна вытекать и развиваться из знания предмета. Если же оратор не изучил его, то всякое красноречие является напрасным, ребяческим усилием.

  • Быраабылаттан туорааһын быраабылаттан туораабат түгэннэргэ эрэ быраабыланы бигэргэтэр.

Исключение подтверждает правило для неисключительных случаев.

Марк Туллий Цицерон. Три трактата об ораторском искусстве. Под редакцией М. Л. Гаспарова. Москва, Издательство «Наука», 1972.