Иһинээҕитигэр көс

Халыып:Hello

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт
   Түргэнник саҕалыырга көмөлөһөр ыстатыйа   Hello, нөрүөн нөргүй!
   Бастакы хардыылар Биики Домох кыттааччыларын аатыттан эйигин сахалыы салааҕа киирбиккинэн! Манна кыттыбыккыттан астыныаҥ уонна элбэх туһаны ылыаҥ дии саныыбыт.

Суруйуу сүрүн сиэрдэрэ манныктар: харса суох суруйан ис уонна үтүөнү оҥорорго дьулус.

Биики Домох иһигэр баар ыстатыйалар, матырыйаал барыта (ол иһигэр эн суруйбутуҥ эмиэ) туспа, анал лиссиэнсийэнэн тарҕанар/туһаныллар. Ол лиссиэнсийэ аата GNU Free Documentation License. Маннык лиссиэнсийэлээх суруйуулары ким баҕарар көҥүл туһаныан (суруйбут дьону ааттаан туран) уонна уларытыан сөп.

Саҥа манна кэлбит дьон сороҕор бас билии быраабын кэһээччилэр. Бас билээччиттэн көҥүлэ суох тиэкистэри уонна ойуулары Биики Домоххо киллэрэр табыллыбат. Сиһилии манна көр — Авторские права (нууччалыы).

Өссө биир алҕас бырайыак сыала-соруга өйдөммөтөҕүнэ тахсааччы. Биики Домох диэн сытаата хомуурунньуга.

Биики Домох ыстатыйаларыгар илии баттаммат (суруйбут дьон испииһэктэрэ тутатына атын сиргэ — көннөрүү историятыгар суруллан иһэр). Ол гынан баран ыстатыйалары ырытыыга, эбэтэр аналлаах кэпсэтии сирдэригэр кэпсэтиэххин баҕардаххына бука диэн илиитэ баттыыр буолаар. Ол маннык — түөрт тильда бэлиэтин субуруччу туруораҕын (~~~~), эбэтэр үстүрүмүөн хапталыгар анал тимэҕи баттыыгын ().

Бэйэҕин кыттааччы тус сирэйигэр билиһиннэриэххин сөп. Бу Эн тус бэйэҥ бас билэр кыракый сириҥ буолар. Холобур онно омук тылларын билииҥ туһунан суруйуоххун сөп.

Харса суох суруйан ис, хайдах сөпкө сурулларын сүбэлиэхпит, сыыйа-баайа бэйэҥ да билсэн иһиэҥ.

Туох эмэ өйдөммөт буоллаҕына манна Биики Домох:Ыйытыылар тугу баҕарар ыйытыаххын сөп. Тугу эрэ тупсарыаххын, бэйэҥ этиигин киллэриэххин баҕардаххына Кэпсэтэр сиргэ киирээр, эбэтэр бу киһиэхэ (HalanTul) нууччалыы да сахалыы да суруйаар.


Өссө төгүл нөрүөн нөргүй!

Hello and welcome to the Sakha Wikipedia! We appreciate your contributions. We hope you enjoy your time here!
   Ыстатыйаны ааттааһын
   Как править статьи
   Правила и указания
   Изображения
   Авторские права
   Глоссарий

[оҥор] [кэтииргэ] [саҥарт]

Документация

Этот шаблон необходимо документировать, чтобы участники знали, как его использовать. Для создания документации нажмите кнопку [оҥор] в левом углы этого уведомления.

Бу халыыбы туһанар сирэйдэр алдьамматтарын туһугар, саҥа саҕалыыр буоллаххына бэйэҥ тус далгар эспэримэннээ.