Биики Домох:Түргэнник саҕалыырга көмөлөһөр ыстатыйа
Бу бырайыакка кыттаҥҥыт бэйэҕит да улаханнык астыныаххыт, дьоҥно да көмө буолуоххут диэн эрэнэбит
Бастаан киирбит киһи вики-разметкаҕа буккуллааччы, холобур хайдах модьу бичигинэн суруйабын, саҥа устуруоканы хайдах оҥоробун диэн мунаарар түгэннэрэ баар буолааччы. Бу сирэй онно көмө буолуо.
Эрчиллэр сир
[уларыт]Бастатан туран ону маны көннөрөргө үөрэнэргэ, ыстатыйа харатын (черновигын) оҥорорго Тус бэйэ сирэйин оҥоһун. Ону оҥорорго маны баттаа, онтон тахсыбыт түннүккэ маннык ааттаах саҥа ыстатыйаны суруйуоххун сөп диэни баттаа, оччоҕо /Ыстатыйа харата диэн сирэй оҥоһулуо.
Бу тус бэйэҥ сирэйиҥ. Биики Домох сүрүн ыстатыйаларын аатын далыгар киирбэт (статистикаҕа эмиэ). Онон манна тугу баҕарар гыныаххын сөп. Ыстатыйа омоонун суруйуоххун сөп, араас разметка тэриллэрин туһанан эспэримиэн ыытыаххын сөп. Бэйэҥ көҥүлүҥ.
Кэлин наадата суох буолла диэтэххинэ дьаһабылга этэҥҥин соттороор, эбэтэр маннык бэлиэни туруораар: {{Db-owner}}
Разметка туһунан
[уларыт]Ыстатыйаны көннөрөн биэрэргэ Уларыт диэн кыбытыгы (вкладканы) баттанар. Үөһэ баар.
Модьу бичигинэн суруйарга модьуратыахтаах тылгын чыскынан (мышкаҕынан) бэлиэтээн (хараардан) баран үөһэ баар тэрил хаптаһыныгар (панель инструментов) бастакы турар Ж буукубаны баттаа.
Саҥа (кыһыл) устуруокаттан саҥа абсааһы саҕалыаххын баҕардаххына абсаастар ыккардыларыгар кураанах устуруоканы кыбыт. Атын ыстатыйаҕа сигэнээри гыннаххына ол тылгын квадратнай ускуобкаҕа угуохтааххын, судуругутук угарга тылгын хараардан баран тэрил хаптаһыныгар сыап ойуулаах тимэҕи баттаа. Салгыыта өйдөнүө дии саныыбын.
Салаа баһын оҥорорго бас тыллар (салаа аатын) икки өттүн икки эбэтэр үс тэҥнэһии бэлиэтин туруораҕын. Маннык === Олоҕун олуктара ===
Суруйан-үлэлээн киирэн бардаххына атын да бэлиэлэри билэн иһиэҕиҥ.
Барытын сатыаҕыҥ диэн эрэнэбит! Харса суох түһүнэн кэбис!
Эбии сигэлэр
[уларыт]Бу ролигы көр: Көмө:1-кы уруок
Эбии маны көр:
- Сахалыы таба суруйуу сиэрэ
- Ыстатыйаны ааттааһын
- Көмө — Биики Домох көмөлөһөр матырыйаалларын тиһилигэ
- Кэпсэтэр сир — Биики Домохһиттэр алтыһар сирдэрэ,
- ru:w:Википедия:ЧАВО — cписок часто задаваемых вопросов,
- Уларытыы устуоруйата
- Бэлиэтэнии
- Дьаһабыллар — дьаһабыллар тиһиктэрэ, кинилэртэн ону-маны ыйытыаххытн сөп.
Биики Домоҕу сэргээбит буоллаххына доҕотторгор, аймах-билэ дьоҥҥор кэпсээ!