Талыы

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт

Талыы — дьахтар оҕолонор ыарыыта.

Болкулуорга[уларыт]

  • Өһөс дьахтар талыыта үлүгэр буолар.

Дьахтар талыытын туһунан уус-уран литератураҕа[уларыт]

  • "Уйбаан, урут дьахтар төрүүрүн көрбөтөх-билбэтэх буолан, ойоҕо төрөөрү ыалдьыбытыттан бэркэ соһуйда. Итиитигэр кэлиэх-барыах сирин булбата. Ол ыккардыгар, ойоҕо туой өрө аҕылыыр, ынчыктыыр, абытайдыыр буолан барда".
  •  

  

  К.О. Гаврилов. Аата, уол даҕаны буолбат. Дьокуускай, Бичик:1993, С.
  •  

Онус ыйыгар тиийэн
Олорор кэмэ кэлэн
Эдэр дьахтар барахсан
Этэ ыалдьан эймэнийэн барда,
Самыытын уйбата,
Саҥата элбээтэ...
Кутаа талыыта
Кургумунан кутта,
Ийэ талыыта
Иһинэн киирдэ,
Хороҥ талыыта
Ходьоҥнотон барда:
Айыыһыт ийэтин ыҥырар
Абытай халахайа буолла,
Эдьээн ийиэхситин эргитэр
Энэлгэн тойуга буолла,
Торумтуйбут бытыктаах
Тойон эрин диэки
Тобулута көрбөхтөөтө...
Ыксал буолла -
Ытамньыйан ылла,
Үрүҥ күнэ өлбөөдүйдэ -
Үөһээ тыыммахтаата...
 

  П.А. Ойуунускай. Дьулуруйар Ньургун Боотур. Дьокуускай, 2003. С.33
  •  

 Онтон -
Бото-болдьоҕу толорон,
Кэм-кэрдиини ситэрэн,
Тэргэн ыйы иэччэхтэтэн,
Ийэм эрэйдээххэ
Айан талыыны
Арҕаһынан киллэрэн
Абытайдатан барбыттааҕым,
Хоро талыыны
Кургумунан киллэрэн
Ходьороҥнотон барбыттааҕым...

  А.Е. Кулаковскай, Ырыа-хоһоон. - Якутскай, 1978, С. 61