Сүрэхтээһин

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт

Сүрэхтээһин - 2. Кимиэхэ эмэ таҥара дьиэтин бары сиэрин-туомун тутуһан христианскай итэҕэли иҥэрии.

Сүрэхтээһин туһунан уус-уран айымньыга[уларыт]

  • ... Харатаайаптаах аҕыс оҕону көммүттэрин кэннэ Маайа төрөөбүтэ. Кинини, бу сордоох эмиэ сотору өлөрө буолуо диэн, бороохтуйуор диэри, үс ый кэриҥэ сүрэхтээбэккэ олорбуттара. Сүрэхтэппит күннэриттэн ыла Харатаайаптаах дьиэлэригэр Маайа аата дьонун уоһуттан түспэт буолбута.
Николай Якутскай. "Төлкө". Дьокуускай: Бичик, 2008, С. 5.
  • (Бүөтүр) - Аҕабыыт кыайан таба хаампакка, аҕыс сааһыгар да сырыттар сүрэхтээбэккэ, Быытык диэн таптал аатынан ыҥырабыт.
Иннокентий Иванов. "Чуумпу Бүлүү". 2018, С. 48.
  • ...Ити убайым Чоочо оҕобун Манчаары диэн ааттаабыппын тоҕо эрэ сөбүлээбэтэ...Чэ, онон Манчаары диэн таптал аата буоллун, оттон сүрэхтээх аата Баһылай диэн буоллун. Абаҕатын аатынан...

Иван Гоголев.Манчаары. Дьокуускай, Бичик: 2000. С.7