Манчаары
Тас көрүҥэ
Манчаары Баһылай (Федоров Василий Федорович) (1805—1870) — номоххо киирбит, ырыаҕа ылламмыт көҥүлүн үрдүктүк туппутунан норуокка биллибит сүдү киһи.
Манчаары бэйэтэ айбыт айымньылара, уонна кини туһунан айымньыларга атын дьон кини "айаҕар укпут" тыллара тус-туһунаннар.
- ...убаҕаһыгар хамыйахтаммытым аҕыйах буолуо, кытаанаҕар уһуктаммытым мөлтөх буолуо.
- Ама тулаайаҕым иһин мин да тэбэр тымрдаахпын, ама дьадаҥым иһин мин да оонньуур хааннаахпын.
- Соххор хараҕын уутун, доҕолоҥ сүһүөҕүн уутун супту оборон ылан байбытынан алыс киһиргээбэтин.
- Сүрэҕим-быарым улллан тохторугар тиийдим. Эйигин санаатахпына, утуйар да уум уу буолбат, аһыр да аһым ас буолбат.
- Билигин да кыайтарбатахтарын, хотторботохторун иһин хойуккутун хойут, кэнэҕэскитин кэнэҕэс, биһиги курдук санаалаах дьон элбээн истэхтэринэ, маннык хараҥа баттабыл, маннык муҥура суох атаҕастабыл мөлтүөҕэ, уурайыаҕа.
Манчаары ырыаҕа
[уларыт]Эйэҕэс майгыннаах эдэркээн Манчаары | |
— Тимофей Сметанин тылларыгар Ольга Иванова ырыатыттан |