Иһинээҕитигэр көс

Сэмэн Данилов

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт
(Мантан: Семен Данилов көстө)

Сэмэн Петрович Данилов — саха норуодунай бэйиэтэ.

Айымньыларыттан быһа тардыылар

[уларыт]
  •  

Сүрэҕэлдьиэ суохтаах сүрэх!
Сүрэххин сүрэҕэлдьитимэ.
Үлэлииргэ өрүү үөрэт,
Уоскутума, өрөтүмэ.

  — Сүрэх / Семен Данилов. Үһүс том. - Дьокуускай : Бичик, 2012, с.57
  • Тыл — санаа. Тыл баайа — санаа баайа.


  •  

Көмүс күнүм санньыйа
Киирэр сирин былдьаста,
Маайа ынах хамыйа
Барар кэмэ уолдьаста.
Ыллыыр чыычаах утуйан —
Айылҕабыт чуумпурда,
Оттуур колхоз уурайан,
Отуу уота умайда.
Паарка ыллаан эрдэҕэ
Маннык наамыын киэһэҕэ,
Эдэр ыччат биэрэккэ
Эһиэкэйин эттэҕэ...
Намыын киэһэ дьаарбайа,
Тахсыах эрэ Даарыйа,
Сээкэй туһун аттара
Сэһэргэһиэх таарыйа.

  — Ырыа // ТАЛЫЛЛЫБЫТ АЙЫМНЬЫЛАР, иккис том, 1977, 9 с.


  •  

Үрүмэччи үөрүн курдук,
Арыы-дьэҥкир халлаан курдук,
Көөнньөрүүлээх кымыс курдук,
Көҥүл санаа кыымын курдук
Дьоллоох саха кыргыттара
Чороон тутан таҕыстылар.

Ойуу-дьарҕаа тирэҥсэлэр
Оһуор үктээн киирдилэр,
Нуоҕай лабаа илиилэр
Дьол ырыатын тистилэр...

Үерэ сөхпүт санаабар
Алаас тыала аҥыс гынар.

Чуумпу Лена долгунунуу,
Туундара үрүҥ кубатыныы,
Алаас хотун хатыҥыныы,
Атан эрэр ньургуһуннуу,
Намыыннарын, наскылларын,
Нарыннарын баҕастарын!

Кэрэ бэлиэ кэпсээн курдук,
Сэрэтиилээх сэһэн курдук,
Ылбай чаҕаан ырыа курдук,
Ыраас таптал тылын курдук
Сахам намыын үҥкүүтэ
Сахам сирин кэриэтэ!

  — Саха үҥкүүтэ/ Е. Степановаҕа наммыт хоһоон (ТАЛЫЛЛЫБЫТ АЙЫМНЬЫЛАР, иккис том, 1977, 353 с.)


  •  

Киһиэхэ - төрөөбүт дойдута
Төрөппүт ийэтин кэриэтэ:
Сүрэҕин ытатан, ыллатан,
Норуот кырдьыгар үөрэтэр.
Киһиэхэ - төрөөбүт дойдута
Төрөппүт аҕаҕа холонор:
Тоҥорон, буһаран, эрчитэн,
Ньыгыл укулаат оҥорор.

  — "Киһиэхэ - төрөөбүт дойдута" хоһоонтон.

Кэс тыл хоһоонтон

[уларыт]
  •  

Алааскар эн мас үүннэрэн хааллардаххына -
Хас саас аайы сэбирдэх буолан тыллыаҥ,
Күнүҥ сирин таптаан ыллаабыт буоллаххына -
Күн аайы, күнү кытта эн тиллиэҥ.

  Семен Данилов. Хоһооннор. Бичик, 2008. С.94


  •  

Сылаас-сырдык сыдьаайдан
Саха оһоҕунуу.
Баай дууһалан, баай санаалан
Саха тылыныы.

Хаһан даҕаны кырдьыбат,
Хаһан даҕаны өлөн сүппэт,
Хаһан даҕаны баттаҕа аастыйбат
Арай дьиҥнээх таптал эбит.


Олоҥхо оҕотобун хоһоонтон

[уларыт]
  •  

Эн – олоҥхо оҕотоҕун,
Омуннаах олоҥхо
Ытык ыччатаҕын!

  Семен Данилов. Хоһоон. Төрөөбүт литература, 5 кылаас, 2 чааһа. Бичик, 2017. С.19

Сэмэн Данилов туһунан атыттар

[уларыт]
  •  

Хотя не схожи мы были характерами и расхождений между нами бывало, может быть, немало, но всегда волнующе радовало нас вунтреннее духовное родство, близость общих взглядов на мир вещей, строго ответственное отношение к слову, к писательскому долгу

  Заки Нури, татаар бэйиэтэ, Литэрэтиирэ үрдүкү куурустарыгар бииргэ үөрэммит, өлүөр диэри доҕордоспут киһитэ. Сытаата Наталья Харлампьева "Семен Данилов" кинигэтиттэн ылылынна[1]
  •  

Кини салайара туспалаах, ылыннарыылаах күүстээх, сылаас сыһыаннаах чахчы кыахтаах киһи этэ.
Өрүс сүнньэ дириҥ сиринэн ордук чуумпу, ордук наҕыл буолар эбээт, онтон чычаас сиринэн буоллаҕына, өрө дьигиһийэн, ньиргиитии тыаһаан дохсуна, бардама сүрдээх буолар эбээт. Дьон да оннуктар: дириҥнэрэ наҕыл, көрсүө, сымнаҕас буолааччылар, оннук этэ эбээт биһиги Сэмэммит, онтон чычаастара бардам, дохсун, аалбыт алтан курдук күлүмүрдэс буолааччылар.

  Амма Аччыгыйа, 1979 сыл кулун тутарыгар Саха тыйаатырыгар Сэмэн Данилов суох буолбута биир сылыгар ахтыы киэһэтигэр эппит тылларыттан
  •  

Сэмэн Данилов өтөрүнэн олох өһүллүбэт гына ииссэн хаалбыт литөратурабыт сайдыытын харгыстыыр моһоллору босхолуур, төлөрүтэр кэскиллээх үлэни саҕалаабыта.

  Амма Аччыгыйа, 1979 сыл кулун тутарыгар Саха тыйаатырыгар Сэмэн Данилов суох буолбута биир сылыгар ахтыы киэһэтигэр эппит тылларыттан