Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт
Рустам Каженкин
Рустам Николаевич Каженкин - саха суруйааччыта, бэйиэт, саха тылын учуутала.
Айымньыларыттан[уларыт]
|
Саҥа дорҕооно,
Өбүгэм дорҕооно
Хара хааммар сүүрэлиир,
Тойон сүрэхпин долгутар,
"Аҕа халлааным..." - дэтэр...
|
|
— Таас тойуга. – Дьокуускай: Түһүлгэ, 2015, с.14 |
|
Саха эдьиийдэрэ - бүгүн да бааллар...
Боотур инилэрин сүүстэриттэн өйүү,
Саха олоҥхотун кэбирин билиннэрбэт
Түҥ дорҕоон түөрэҕин төлкөлүү...
|
|
— Таас тойуга. – Дьокуускай: Түһүлгэ, 2015, с.26 |
|
Мин саас эбитим буоллар,
Эн ньургуһун буолуоҥ этэ,
Оччоҕо бу дойдуга Кэрэ
Биһигиттэн саҕаланыа этэ...
|
|
— Таас тойуга. – Дьокуускай: Түһүлгэ, 2015, с.73 |
|
Тыл өлбүт киһини
Ииниттэн туруоруон сөп эбит!
Тыл тыыннаах киһини
Олохтон матарыан сөп эбит!!!
|
|
— Олук тыл. — Дьокуускай: 2007 |