Оҕонньор ото

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт

Атыннык өссө күрэҥ бэриэнньигэ дииллэр. Кураанах бэстээхтээх, тииттээхтээх тыаҕа, таастаахтаах эниэлэргэ үүнэр.

Оҕонньор отун от ыйын 7-9 күннэригэр хомуйуохха сөп. Күлүккэ куурдаллар.

Бу саха эмчиттэрэ элбэхтик туттар отторо. Сөтөлтөн, бопторор ыарыыттан, бүөр, хабах ыарыыларыттан, уҥуох тыытан ыалдьарыттан, куртах үлэтэ кэһиллиититтэн, геморройтан, аҕылааһыттан, ньиэрбэ кэһиллиититтэн эмтэнэргэ тутталлар. 1 мэлиллибит оту 1 курууска ууга оргутан, 1-2 ост.нь. күҥҥэ 3 төгүл эмтэнэллэр. Баастары, кыһыылаах ымынаҕы эмтииргэ оҕонньор отун ууга көнньөрөн, сойбутун кэннэ сиидэлээн ылан, онон сууйан, сотон, сороҕор хас да хос маарылаҕа эми оборторон, ону бааска ууран эмтииллэр. Атах ууланыытын бу от сибэрдэҕин, отун, силиһин холбуу мээккэллээн, наскыга эбэтэр атах таҥаһыгар кутан, ону кэтэрдэн эмтииллэр.


Туһаныллыбыт литература.[уларыт]

"Саха ыалын бастыҥ кинигэтэ"/[хомуйан оҥордулар: А.С. Тимофеева, Л.А. Баишева-Федорова]. — Дьокуускай: Бичик, 2017. — 192 с.