Манчаары түөкүн
Тас көрүҥэ
Манчаары түөкүн - Күлүмнүүр 1908 сыллаахха суруйбут дыраамата.
Манчаары тыллара
[уларыт]- ...убаҕаһыгар хамыйахтаммытым аҕыйах буолуо, кытаанаҕар уһуктаммытым мөлтөх буолуо.
- Ама тулаайаҕым иһин мин да тэбэр тымрдаахпын, ама дьадаҥым иһин мин да оонньуур хааннаахпын.
- Соххор хараҕын уутун, доҕолоҥ сүһүөҕүн уутун супту оборон ылан байбытынан алыс киһиргээбэтин.
- Сүрэҕим-быарым улллан тохторугар тиийдим. Эйигин санаатахпына, утуйар да уум уу буолбат, аһыр да аһым ас буолбат.
- Билигин да кыайтарбатахтарын, хотторботохторун иһин хойуккутун хойут, кэнэҕэскитин кэнэҕэс, биһиги курдук санаалаах дьон элбээн истэхтэринэ, маннык хараҥа баттабыл, маннык муҥура суох атаҕастабыл мөлтүөҕэ, уурайыаҕа.
Маарыйа эмээхсин (Манчаары ийэтэ)
[уларыт]- Тугу истиэмий, арай абаҕаҥ оҕонньор эн үтүө быһыыгын кэпсиэн сир сырайдаата, буор харахтаата. Хайдах гыныам баарай - халлааҥҥа көтүөхпүн кынатым суох, сиргэ тимириэхпин уһуга суох буолан хааллым.
- Тыый, тукаам, туох тылын тылластаҥый, туох саҥаны саҥардаҥый.
- Аҕаҥ өлбүтүн кэннэ түөрт киһи кэлэн ыйыта сатаан кээстэрэ, ону оҕобун аан дойдуттан араарымаарыбын, иэримэ дьиэтиттэн иэдэтимээйэбин диэн бу тоҥ модьоҕону кэтиэн олорор буолбаппын дуо.