Мандар Уус

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт

Мандар Уус (Борис Фёдорович Неустроев) - саха аатырбыт тимир ууһа, саха үгэһин тарҕатааччы, чинчийээччи.

  •  

Собус-соҕотох Айыы Итэҕэлэ эрэ үтүмэн үйэлэртэнбиһиги биэбэйдээн, киһи-хара оҥорбута, омугу биир сомоҕо гыммыта. Өбүгэлэрбит Айыы Итэҕэллээх буолан күн бүгүн биһиги баарбыт. Ол үтүөтүгэр умнууга хаалыа дуо, аньыыта бэрт буолаарай?!

  — "Барҕа санаам, сүбэ тылым" кинигэттэн
  •  

Онон, додоҕотторуом, Төрүт Итэҕэлбитин сөргүтэн, атаҕар туруорар, сэниэлээх соҕустар хамсанар кэммит кэллэ. Хойутааһын - саха омук быһыытынан унаар буруотун кылгатарга биир сүрүн төрүөт буолсу...

  — "Барҕа санаам, сүбэ тылым" кинигэттэн
  •  

Омук, норуот дьоллоох, туруктаах олоҕун кэрэһитэ буолуох төүрт сүрүн Тирэх Өйдөбүллэр бааллар:
-Ийэ Тыла,
-Төрүт Култуурата, Айылгыта,
-Төрүт сирэ-уота, Төрөөбүт Дойдута,
-Төрүт Итэҕэлэ.

  — "Барҕа санаам, сүбэ тылым" кинигэттэн
  •  

Доҕотторуом,
итэҕэллээх киһи - сүбэһиттээх;
итэҕэллээх киһи - көнө сүрүннээх;
итэҕэллээх киһи - бөҕө тирэхтээх;
итэҕэллээх омук - биир сомоҕо;
итэҕэллээх омук - сайдар кэскиллээх;
итэҕэллээх омук - уһун үйэлээх.

  — "Барҕа санаам, сүбэ тылым" кинигэттэн
  •  

Өбүгэлэр бары инники кэскиллэригэр, кэнчээри ыччаттарыгар үтүөнү баҕараллар. Саха тугу барытын сиэллээн-кутуруктаан өйдүүр. Ол барыта ойууларга дьэҥкэтик көстөр.

  — Түмэллэри, ыаллары, өтөхтөрү кэрийэн..., Мандар Уус интервьютуттан, 2012, "Кыымҥа" 2018 с., муус устар 5 к. бэчээттэммиттэн ылылынна
  •  

Омук - тыл, тыл - омук!

  — "Барҕа санаам, сүбэ тылым" кинигэттэн
  •  

Дьиҥинэн, Тыл уонна Итэҕэл биир төрүттээхтэр эбээт: итэҕэлин искэр "буһуута" - тылынан, таскар диэлийэн тахсыыта - тылынан, дьоҥҥо-сэргэҕэ тиэрдиитэ - тылынан, киһи көннөрү күннээҕи тылынан да буолбатах - киһини итэҕэтэр тыл сүмэтинэн. Ол иһин омук бэйэтин Ийэ Тылынан ылыммыт Төрүт Итэҕэлиттэн ордук кини олоҕор сүдү көмөлөөх күүс суох.

  — "Барҕа санаам, сүбэ тылым" кинигэттэн
  •  

Онон үлэҕэ-үөрэххэ, Ийэ Тыл көмүскэлигэр норуот култууратын, айылгытын өрө сайыннарыыга, Айыы Итэҕэлин чэчирэтиигэ Ийэ Сир, Аан Айылҕа харыстабылыгар бигэ Түмсүүнү түстэниэхтээхпит.

  — "Барҕа санаам, сүбэ тылым" кинигэттэн
  •  

Ийэ Кут, Ийэ Өй, Ийэ Тыл Үс Ийэ - үс сүдү күүстэр - үс аҕас балыстар - киһи олоҕун үс сүрүн тирэхтэрэ...

  — "Барҕа санаам, сүбэ тылым" кинигэттэн
  • Киһи үөрэҕи-билиини үйэтин тухары мунньунар. Ол эрэн үөрэҕи ылынар кэмэ – эдэр-сэнэх эрдэҕинэ.