Маай бырааһынньыга

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт
  •  

Доҕордоһуу уонна эйэ
Доҕуһуоллаах сандал Маай
Көтөн кэллэ. Көрүс эрэ,
Көҥүл дойду – Хоту кыраай!

  Моисей Ефимов


  •  

Олохпут, тутуубут күргүһэ
Киэҥ өрүс халлаанын санатар.
Эйэҕэ, сырдыкка тардыһа,
Ийэ сир үрдүккэ дабайар.

Көрсөллөр советскай дьон Маайы
Дьолунан, үөрүүнэн сыллата.
Киириэхтин бу да Маай ыал аайы
Сүрэҕи сааскылыы ыллата?

  Күннүк Уурастыырап


  •  

Саргылардаах Маай күнэ
Сандаара бүгүн үүннэ.
Чэҥ, муус тыына үрэлиннэ,
Чээл, күөх унаар тилиннэ.

Уулусса уйуоҕунан
Көрүлүүр норуот муһунна,
Уруй айхал ортотунан
Кыһыл знамя уһунна…
…Саргыланар санаа ситтин,
Сааскы алтан от кэриэтэ,
Сандал күҥҥэ чэчирээтин
Саҥа үйэ киһитэ!

  Эллэй


  •  

Кыыс ырыата, оҕонньор сэһэнэ
Санаа, дьулуур, сүрэх иэйиитэ
Дойдуга, сиргэ таптал күүһэ,
Дьол, олох, күн аннын үөрүүтэ –
Бука бары этэллэр
Биир санааны чиҥэтэллэр:
“Сэрии суох буоллун!
Эйэ, эйэ туругурдун!”

  Иван Федосеев


  •  

Үчүгэйиин да ыам ыйа!
Киэҥ хонуу, күн, күөрэгэй.
Көлөһүн алла, сылайа,
Үлэлиэххэ үчүгэй!

  Дьуон Дьаҥылы


  •  

Киһи аймах күүһэ улуу,
Күнтэн күн өрүү туругуруо
Боростуой дьон хаан уруулуу,
Сэриини эйэ кыайа туруо!

  Степан Тимофеев


  •  

Эйэ иннигэр
Эрдээх буолуоҕуҥ,
Тимир кэккэнэн
Тигинээн туруоҕуҥ.
Сэрии үрдүгэр
Сэрии суох буоллун!
Туругурдун Эйэ,
Туругурдун күн сирэ!

  Алексей Бродников