Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт
С.А. Сибиэрэп - Кыыл Уола (1900-1973) - олоҥхоһут, оһуохай этээччи, суруйааччы, артыыс, саха сценаҕа толоруллар үҥкүүлэрин уонна саха фольклорун муусукатын айааччы
|
Сарсын - сарсын сарсыарда
Сайар халлаан сарыыта
Сандал күнүм тахсыыта
Салгын сиигэ көтүүтэ
Субу субу томторго
Түһүлгэлиэ түспүт ньии
Эһиэкэйдиир дьиэрэйбит
Оонньуу - күлүү олоҕурбут
Сарсын-сарсын сарсыарда
Уруй туску олорбут
Саргы - дьаалыы сатараабыт
Субулуура томторбор
Хойут кэнэҕэс көрдөххө
Ача күөҕүм лаглайыа
Торҕоолору торолуйуо
Дьонум сэргэм тоҕуоруйуо
|
|
— Сарсын-сарсын сарсыарда |
|
Атын арыы адьыната
Утары муора кубулҕата
Өлгөм өлүү айдааннаах,
Идэиэр дьаллык бииһэ
Өлбөт-соллоҥ куодаама
Утарсар күннээх буоллаҕына,
Уоттаах хараҕын умуруоруоҕуҥ,
Өргөс кылаанын тоһутуҥ,
Өһүөннээх өйүн үлтүрүтүҥ.
Саргыбыт сабырыйа турдун,
Өрөрөгөйбүт үрдүү турдун!
|
|
— Аныгы ыччакка алгыс (Кыыл Уола), "Кэскил хаһыат" 2020 с. бэс ыйын 30 к. нүөмэриттэн, 7 сир. ылылынна |