Иһинээҕитигэр көс

Кэтэх

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт

Кэтэх - төбө кэлин өттө, көспүт суолталара элбэх, эгэлгэ.

  • Иттэнэ түстэххэ кэтэхтэн өйүө, умса түстэххэ сүүстэн өйүө - эрэллээх киһи (үксүн чугас доҕор, төрөппүт оҕо) туһунан
  • Кэлэри кэтэҕиттэн туппут, барары баһыттан туппут - тугу барытын бопсо-хаайса сылдьар киһини этэллэр.
  • Кэтэҕинэн оонньуур - туохха да кыһаллыбат
  • Кэтэҕинэн тиэйэр - тугу да ылыммат, батынар
  • Кэтэҕиттэн ыл - кимиэхэ эмэ сорунуулаах, кытаанах ирдэбили туруор
  • Кэтэҕэ тулунна - кэтэх, хос санаатын быраҕан көнө, үтүө суолга туруу
  • Кэтэҕэ тыаһаата - охсулунна, кимтэн эрэ тоһун ылла
  • Кэтэҕэ чонойбут - киһиргээбит, улахамсыйбыт
  • Кэтэх аанынан - кистии-саба
  • Кэтэх тардыстан (олорор, сытар) - икки илиитин тарбаҕын хатыйан тиэрэ түһэн олоруу/сытыы. Үксүн холкутук, ону-маны эргитэ саныы-саныы сынньанар эр дьоҥҥо сыһыаннаах.