Иһинээҕитигэр көс

Кыыс Дэбилийэ (олоҥхо)

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт

Бурнашов Николай Петрович — Боодоҕос (1846-1950) олоҥхоһут хаалларбыт олоҥхото.

  •  

Былыргы дьыл
Былдьаһыктааҕын-быһылааннааҕын
Быдан ынараа өттүгэр,
Урукку күн
Охсуһуулааҕын-оһоллооҕун
Улаҕа өттүгэр,
Ааспыт дьыл
Алдьархайдааҕын-арасхааттааҕын
Анараа таһаатыгар
Саха киһи
Санаата тиийэн
Сабаҕалаан көрбөтөх
Сарыал маҕан халлаана диэн,
Сарыы таҥалай курдук,
Таҥнары тардыллан,
Тараадыйан-тарҕанан,
Айыллыбыт эбит.

  — Кыыс Дэбилийэ, олоҥхоһут Н.П.Бурнашев, "Наука", Новосибирскай, 1993, С. 72