Иһинээҕитигэр көс

Бурнашов Николай Петрович — Боодоҕос

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт

Бурнашов Николай Петрович — Боодоҕос (1846-1950), (Бороҕон улууһа, Сыҥаах нэһилиэгэ). Төрөөбүт сирэ Сыҥаах нэһилиэгэ. Кэлин I Лөгөйгө көспүт. Ийэлэрэ уран тарбахтаах иистэнньэҥ уонна үчүгэй ырыаһыт, кэпсээнньит. Онон оҕолоро ийэлэрин утумнаан бары кэпсээнньит, остуоруйаһыт буолбуттара. Боодоҕос айылҕаттан бэриллибит, ийэтиттэн үөрэммит кэрэ куоластаах ырыаһыт, олоҥхоһут.

Кини киэҥ сиринэн сылдьыбыт. Бодойбо бириискэтигэр 9 сыл, Муустаах муора кытыытыгар 3 сыл, Алдаҥҥа 2 сыл, Дьокуускайга 10 сыл, Киллэмҥэ 7 сыл былаһын тухары хамнаска сылдьыбыт. (ф.5, оп.7, Ед.хр. 854. Норуот айар идэлээхтэрин паспордара).

40 сааһыттан дьиҥнээх олоҥхоһут аатырбыт. Куоракка бастаахтарга ыҥырыыга сылдьан олоҥхолообут. Боодоҕос хатыҥыр, улахана суох уҥуоҕар сөбө суох кэтит түөстээх, нүксүгүр улахан көҕүстээх оҕонньор эбитэ үһү. Иккитэ кэргэннэммит. Оҕолоро өлбүттэр. Бороҕонтон 15 биэрэстэлээх Хампа диэн сиргэ көмүллүбүт. Оҕонньор 104 сааһын туолан өлүөр диэри ыллаабыт-туойбут.

"Кыыс Дэбилийэ бухатыыр" олоҥхото "Саха былыргы сэһэннэрэ уонна кэпсээннэрэ" диэн серияҕа туспа кинигэнэн бэчээттэммитэ. Саха Академическай театрыгар А.С.Борисов бу олоҥхону туруорбута. 2002 с. Россия театральнай критиктэрин уонна журналистарын көрүүтүгэр ситиһиилээхтик кыттан "Көмүс мааска" номинациятын бирииһинэн наҕараадаламмыта.

Олоҥхолуурга үөрэппит дьоно: Чохдоруйа уола Мэхээлэ — Нам. Олоҥхоһут Маайа — Таатта. Наара Суох — Бороҕон.

Олоҥхолоро

[уларыт]
  1. Орто дойду буойуна Оҕо Дуолан Бухатыыр.
  2. Үс курдаах Үөлэн Хардааччы.
  3. Тумул тыа кэтэҕинэн быстан түһэн эрэрин курдук туус маҥан аттаах Туоллар Баай Тойон.
  4. Үтуө киһи көхсүн хаана үктэллээх Өттүк Молдьой Бухатыыр.
  5. Күлүгүнэн оонньуур көҕөн элэмэс аттаах күүстээх-уохтаах Күскэм Даадар.
  6. Бэрт мыраан кэтэҕинэн быһа ыстаммыт курдук мэгэлгэннээх бэкир сиэр аттаах Бэрт киһи Бэриэт Бэргэн.
  7. Күннүк усталаах, көс туоралаах Көрүлүүр Көр Дьэллэк Бухатыыр. (5 ф., 7 уоп., 51 дь.)
  8. Баай киһи Баһымньы Баатыр. (5 ф., 7 уоп., 146 дь.)
  9. Кыргыска мииниллэр кыһыл буур аттаах Кыыс Дэбилийэ Бухатыыр. Дьяконов С.Н. 1941 с. суруйбут. (5 ф., 7 уоп., 51 дь.)