Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт
Маҥан кырса
|
Кырса-Хотугу полюһу иилии тарҕаммыт кыыл. Евразия, Хотугу Америка хоту өттүгэр уонна хотугу эргимтэ үгүс арыыларыгар олохсуйаллар.
Кырса-туундара төрүт олохтооҕо. Кыһын кыпсалар тэнийбит сирдэрэ балайда кэҥиир. Ол курдук ахсааннара элбээтэҕинэ уонна аһылыктара татым буоллаҕына көстөр. Маннык сылларга кырсалар хоту Америка арыыларыгар уонна муустарыгар, ону сэргэ соҕуруу ойуур балаһатыгар маассабайдык көһөллөр. Саха сиригэр кырса арҕаа Бүлүү өрүс тардыытыгар тиийиэ, Халыма, Индигиир өрүстэр бастарынан ордук тарҕаммыт.(Баай байанай бэлэҕэ: Дьокуускай, кытыл салама 2014, 230, Т.Н.Галактинова, А.А.Егоров, В.В.Егорова, Е.Е.Антонов, Е.Н.Баишев)
|