Копырин Николай Захарович
Копырин Николай Захарович Бикипиэдьийэҕэ? | |
Копырин Николай Захарович Бикитиэкэҕэ? | |
Category: Биики Хааһахха? |
Копырин Николай Захарович - литэрэтиирэни ырытааччы.
Мин кэпсиир икки этээстээх мас дьиэм классическай прогимназияҕа ананан оччотооҕу олохтоох уопсастыба сириэстибэтигэр саха уустарынан тутуллубут. Бу дьиэ барахсан Саха Сиригэр бастаан тэриллибит орто үөрэх кыһата 20-чэ сыл устата балачча элбэх ыччаты (олор истэригэр сахалары) ииппит-үөрэппит үтүөлээх. Бастакы революционер К.Г. Неустроев (Урсик), бастакы сырдатааччы, суруйааччы В.В. Никифоров-Күлүмнүүр, бастакы аатырбыт учууталлар В.Г. Монастырев, Д.Д. Сивцев, Г.П. Помин, П.Х. Староватов, бастакы быраастар Е.Н.Слепцов, П.Н. Сокольников, прогрессивнай өйдөөх диэйэтэллэр Николаевтар, Слепцовтар, Поповтар, Афанасьевтар, Говоровтар о.д.а. Саха бастакы көлүөнэ интеллигеннэрэ бу дьиэҕэ үөрэммиттэрэ. Кинилэртэн Россия бастакы революциятын саҕана «Сахалар Сойуустара» диэн босхолонуулаах хамсааһыны тэрийээччилэр үөскээбиттэрэ. Бу дьиэҕэ 1890 с. прогимназия оннугар реальнай училище тэриллэн үйэ чиэппэрин кэриҥэ үлэлээбитэ. Манна өссө элбэх ахсааннаах интеллигенцийэ иккис көлүөнэтэ иитиллибитэ. Национальнай уус-уран суругунан литератураны, суругу-бичиги төрүттээччилэр А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй, С.А. Новгородов, уһулуччулаах историк ученай Г.В. Ксенофонтов, кини быраата конфедералистар партияларын баһылыга П.В. Ксенофонтов, талааннаах экономист, «Холбос» сойууһу тэрийбит К.О. Гаврильев, «Сырдык», «Саха аймах», «Саха омук» диэн культурнай-сырдатар уопсастыбалары үөскэтэн үлэлэппит бүтүн аармыйа дьон манна үөрэнэн-иитиллэн тахсыбыттара. |