Киристэпиэл Махсыымап
Тас көрүҥэ
Максимов Христофор Трофимович Бикипиэдьийэҕэ? | |
Category: Биики Хааһахха? |
Киристэпиэл Махсыымап (Максимов Христофор Трофимович, 08.04.1917—23.03.1980) - Амматтан төрүттээх саха аатырбыт ырыаһыта, ырыа айааччыта.
Ахтыылартан
[уларыт]Христофор Трофимович биһиги дьиэҕэ элбэхтик сылдьар, хонор, мин аҕа кынным Бүөтүр Ньукулаайабыс Тобуруокап истиҥ доҕоро этэ. Ону таһынан Христофор Трофимовичтыын биһиги биир Сулҕаччыттан төрүттээх буоламмыт, мин аҕабын үчүгэйдик билэрэ, онон аммалар буолан олус истиҥник санаһарбыт... Кини хас ырыата араадьыйаҕа кэллэҕинэ олох чуумуран истэрбит уонна бу араадьыйаҕа ылланар кыахтаах ол кэмнээҕи дьон уоһуттан түспэт ырыалары Киристэпиэл Махсыымап, биһиги дэриэбинэбит киһитэ ыллыырын, мин олус сөҕө саныырым. Ол миэхэ, оҕо киһиэхэ, тугунан да быһаарыллыбат санаа, киэн туттуу үөскэтэрэ... | |
— Миитэрэй Наумов. Кини кырыымпата ураты куоластааҕа // Өйдөөн көрбүтүм... Кэпсээннэр, ахтыылар. Дь. Дани-Алмас, 2015 |
ырыа