Миитэрэй Наумов
Миитэрэй Наумов - саха суруйааччыта, араас сылларга тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ, СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэстээтэлин солбуйааччы, Ил Түмэн дьокутаата, сис кэмитиэт бэрэстээтэлэ.
Туох айылааҕы сиэтэн бачча уһаты тартылар? Чолоруҥнаан уол оҕоҕун дии. | |
— Дэриэбинэм барахсан // Биһиги былыргы уолаттар, 2009 |
Киһи кырдьыгын туоһулуур киһи да хаалбата. | |
— Дэриэбинэм барахсан // Биһиги былыргы уолаттар, 2009 |
Оок-сиэ, киһи дууһата сүрэҕэр дииллэр да, арааһа хабаҕар быһыылаах... | |
— Дэриэбинэм барахсан // Балыыһаҕа, 2009 |
Кыра кэҕэ силин саҕанан биир кири атын сир диэки эрэ сыҕарытыллар, сууй да, киһилии сууйуллуохтаах. | |
— Дэриэбинэм барахсан // Муоста сууйуута, 2009 |
Эр киһи хараҕа кырдьыбат! | |
— Дэриэбинэм барахсан // Эр киһи хараҕа кырдьыбат, 2009 |
- Киһи олоҕо буоллаҕа-ыал барахсан, төһө элбэҕий да, соччо эгэлгэ. Тыа ыала барыта сүүһүн көлөһүнүн тобугар аҕаан, бу сиэдэрэй да, тыйыс да дойдубутугар олорор. Дьоллоох-кыһалҕалаах, үөрүүлээх -хомолтолоох тыа ыала барахсан тыа сирин баттаатар кэдэйбэт сиһэ, хатыйдар бүдүрүйбэт тирэҕэ.
- Тыа ыала барахсан. 2006 сыл.
- Саха тураахха улаханнык бэһирбэт да, абааһы да көрбөт, көҥөммөт. Таптаан, сөбүлээн ымманыйбыта да иһиллибэт. Арай хараны, мөлтөҕү хара тураахха холуур. ...Хара дьахталлары тураахха холоотохторуна:"Хаар маҥан да -ыт ииктиир, буор хара да- бурдук үүнэр",- диэн куотуналларын истэрим.
- Өйдөөн көрбүтүм... 2015 сыл.
- Биир үҥкүү. Биир түгэн, биир сүрэх арыл гыммыт кистэлэҥ көрүүтэ- мин эдэр сааһым мичээрэ. Дууһабын,эдэр сааспын, уолан сүрэхпин аспыт кэрэ түгэн. Тэтэркэй иэдэс, арылхай харах, муҥура биллибэт кэрэҕэ ыҥырбыт мичээр. Эдэр саас,эдэр саас...
Биирдэ эрэ үҥкүүлээн ааспыт кэрэ кыыһым дьиктилээх мичээрэ... Оннук кэрэ мичээри көрдүү хаампытым таптал чараҥар. Булбутум олоҕум дьолун, ол кэрэ мичээр суһумугар тэҥнии.
- Тыа ыала барахсан.2006 сыл.
- Дьыала туһугар олус туруу, чиккэ санаалаах киһи. Бэйэтигэр сүктэриллэр эппиэтиинэһи кимиэхэ эмит көлбөрүйбүтүн, бэйэтин оннугар эппиэттээччини була сатаабытын ончу өйдөөбөппүн. Кинини сорохтор куруубай соҕус дииллэрэ, ол сыыһа. Кини эппиэтинэһи дьоҥҥо соҥнуур, куотунан сатаабатаҕын атыҥҥа түһэрэ сатааччылары олох сөбүлээбэт салайааччы этэ.
- Өйдөөн көрбүтүм.2015 сыл.
- Дьахталлар барахсаттар кимҥэ дууһаларын туттаралларын, кими ордук чорбото көрөллөрүн туох билиэ баарай? Дьахтар хараҕа атыннык көрөр эр бэртэрэ баар буолаллар. Онтон биирдэрэ Таллан буолуо, ол да иһин кыраһыабай кэргэннээх эбит диэн быһаарсыы буолбута.
- Өйдөөн көрбүтүм. 2015 сыл.
- Ийэттэн тура төрүүр дьол элбэххэ бэриллибэт. Атах уйбат, күүс кыайбат буолуута - үгүстэр аналлара.
- Дэриэбинэм барахсан. 2009 сыл. 111 стр.
- Үөрэҕи үчүгэйдик үөрэнэн бүтэрии да араастаах. Билии кимиэхэ хайдах киирэриттэн буоллаҕа.
- Стр 27. Электрик.
- Биһиги дэриэбинэҕэ арыгы иһэргэ олох сөбө суох быраабыла баар. Субуотаҕа киһи аһыа этэ буоллаҕа, онтуҥ лааппы эрдэ сабыллар. Эгэ, өрөбүлгэ үлэлиэ дуо! Дьэ, ол иһин куһаҕанын дууһаҕынан билэ- билэ, оптуорунньуктан эбэтэр сэрэдэттэн саҕалыыгын. Маҕаһыын үлэтин баттаһа. Дьэ,сор!
- стр 28. Мин олох буруйум суох.
- - Дьэ,бэрт,балык,собо обургу салгынынан көтүөн кыната суох ини, аллара сири хаһан куотуон күрдьэҕэ суох буолуохтаах уонна бу бэйэлээх ийэттэн хайдах тахсыай. Муҥха да муҥха буолла.
- Стр 73. Мөккүөр.
- Эр киһи барахсан санаата да, хараҕа да кырдьыбат. Да, да, сорох органнар кырдьаллар, билиниэххэ наада...
- Стр 75 Абаккалаах баҕайы.
- Синньигэс биилэ суох, биэс бууттаах дьахтары туох хобулуга уйуой, намыһах да түүппүлэ сотору алдьанар ини.
- Стр 79. Абаккалаах баҕайы.
- Төрүт буор.2005. Дьокуускай.
- Сааһыран истэҕин аайы эдэр кыргыттар элбэхтэрин, атахтара уһунун, харахтара кэрэтин өйдөөн көрөр буолбутун сөҕөр буолла. Хайыаҕай, кырдьыы эмиэ кэрэлээх.
- Төрүт буор.стр 98.
. Дьокуускай.2005.
Миитэрэй Наумов туһунан
[уларыт]Ил Түмэн бэрэстээтэлэ А. Н. Жирков: Мин Сулҕаччыга тахса сылдьыбытым, Харачаас туппут дьиэтин көрбүтүм... Онно сылдьан сулҕаччылар олус көхтөөхтөрүн, тэрээһиннээхтэрин, Дьоруойдарын ааттарын тилиннэрэр дьулуурдаахтарын көрөн көмөлөһөргө санаммытым. Түгэнинэн туһанан, Харачаас үбүлүөйдээх сылын бэлиэтииргэ улахан көмөнү оҥоро сылдьар Дмитрий Федосеевичка махталбын биллэрэбин.
- - Сахалартан бастакы дьоруой бойобуой суолунан. Татьяна Павлова. САХА СИРЭ, 2018 с. муус устар 11 к.