Иһинээҕитигэр көс

Дэриэбинэ

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт

Дэриэбинэ — тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар дьон түөлбэлээн олорор сирдэрэ.

Дэриэбинэ туһунан уус-уран айымньыга

[уларыт]
  •  

Сарсыарда тоҕус чаас ааһыаҕыттан оройуон киинин тэрилтэлэрин кытта биири да ордорбокко төлөппүөнүнэн хаадьылаһан күннээҕи "үлэтин" бүтэрэр хаһаайыннаах Сэбиэттээх, кураанаҕынан турар кулууп дьиэлээх, тыа сирин ыалын наадатын "табан" хааччыйбат лааппылаах, онон-манан хороһон турар чөҥөчөктөрдөөх уулуссалардаах, сымала сытынан аҥкылыйбыт сарайа суох саҥа мас дьиэлэрдээх дэриэбинэ дуома - барыта сүүрбэччэ ыал буруо таһаарынан, туспа холкуос киинэ буолан олороллор эбит этэ.

  Афанасий Харитонов, Тайахтаах таптал. Дьокуускай: Бичик, 2004. С.4

О5о сааhым, уолан сааhым, кыайар-хотор эдэр сааhым, кырдьар-ахсыыр а5ам сааhым, дьолум-соргум, тапталым, улэм-уорyyм, кыйан-хотуум, уйата барыта Эн – мин кыракый дэриэбинэм. Наумов, Дмитрий Федосеевич. Дэриэбинэм барахсан : [кэпсээннэр, пьесалар] / Д.Наумов. – Дьокуускай : Комуол, 2009. – 5 c.