Иһинээҕитигэр көс

Дьылҕам миэнэ (Далан)

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт

Дьылҕам миэнэ

[уларыт]

Төрөбүт тыл (соҕотохсуйуу)

[уларыт]
  • Саха тыла нуучча тылын күүстээх сабыдыалынан өлөн эрэр. Ол биричиинэтэ кинилэр иккиэн тус-туһунан сокуоннаах, тус-туһунан историческай усулуобуйаларга уөскээбит тыллар. Ол иһин хардарыта хайдах да батыһар кыахтара суох. Араас өйдөбуллэр көннөрү терминнэр эрэ быһыыларынан киирэлэр. Нууччатан оннук терминнэр хото киириилэрэ саха тылын тутулун алдьатта, алдьата да турар.
  • Биир тыллаах нууччалары ылан көр - тыллара-өстөрө ырааһын, санааларын сааһылаан этэллэрэ үчүгэйин! Оттон икки тыллаах саха киһитин киниэхэ тэҥнээн көрдөххө, сатаан санаатын сайа эппэтэ-хайдах эрэ кинилэртэн өй-санаа өттүнэн тэҥэ суох сайдыылаах курдук өйдөбулу хаалларар.
  • Ыкса күһүн маҥнайгы колонияҕа тиийэн сахалары көрсөн кэпсэппитим наһаа даҕаны үчүгэй этэ. Ол курдуук тириим тэнийэ кэпсэппиппин билбэппин. Дьиҥнээх сурэҕиҥ-быарыҥ манньыйыыта, дууһаҥ уоскуйуута диэн ол этэ. Мин билигин ону туохха тэҥниэм эбитэй? Тыл барахсан ийэ тыл эккэр-хааҥҥар иҥмит күүһэ! (Төрөбүт тыл туһунан этиллиэҕин да этиллибит эбит!)
  • Уонунан сылларга араастаан үөрэтэн-такайан миигин итэҕэппит өйдөбуллэрин аҕыйах нэдиэлэ иһигэр ньылбы соппуттара: Саха диэн олус аҕыйах ахсааннаах норуота аһынан тыыннаах олордор, тарбаҕын хамсатыа эрэ кэрэх, чыпчылыйах түгэнэ мэлитэр кыахтаах. (оннук балаһыанньаҕа олорон чолоҥноспут буола-буола)

Тулуур

[уларыт]
  • Сэрии кэминээҕи, сэрии кэнниннээҕи хаайыы ынырык, киһи киһиэхэ сатаан кэпсээбэт ыар усулуобуйатын барытын икки аттаҕа суох саха уолчаана тулуйбут! Киһи бэккиһиэҕэ ол гынан киһилии, сахалыы диэм этэ, быһыытын-майгыттын сутэрбэтэх этэ. Дьэ кытаанах санаа, дьэ улахан тулуур!
  • Мин санаатын түһэрбэтин ордук сөҕөрум. Данил биир кэм мичээрдии сылдьар, наар үчүгэй өттүн эрэ саҥарар этэ. Кини курутуйарын-хоморойун, кини суланарын-кэлэнэрин хаһан даҕаны истибэтэҕим. Эгэ ытыыра-соҥуура диэн кэлиэ дуо? Оттон дьиҥинэн киниттэн ордук кэрэгэй дьылҕаламмыт киҕи аҕыйах булуо - ытаатаҕына-соҥоотоҕуна даҕаны ким боруоктуой?
  • Аччыктааһын баар - мин сурэхпин аспыт суол: олорбут олохпор уон сэттэ сыл аччыктаабытым да алдьас киниэхэ уөрэммэтим. Билигин даҕаны куттанабын урукку сэрии, сут кэмин, хаайыы сыллардар курдук аччыктааһын аны кэлиэҕэ диэн уонна кэлбэтин туһугар таҥараттан көрдөһөбүн. Мин онон ордук Данилы хайдах кини сэрии сылларынааҕы, ол да кэнниттэн хаайыы аһыгар тулуйбутун бэккиһиибин.
  • 18 саастаах саха уола сэриигэ баран Советскай Союһу таҥнаран биэрбит диэни киһи соччо-бачча итэҕэйбэт суола. Туох диэн таҥнарыан сөбуй? Өлөр куттал билиэн бэринэргэ кими баҕарар күһэйиэн сөп. Былыр-былыргыттан ханнык баҕар сэрии билиэннэйэ суох буолбатын история кэрэһилиир. Өлөрсүү курдук ол эмиэ сэрии сокуонун айылгыта.

Основоположниктар уонна популяризатордар

[уларыт]
  • Ѳй-санаа саамай чыпчаалынан бүтүн Советскай Союзка "БСК(б)П историятын" кылгас курса,"Ленинизм тѳрүттэрэ","Социализм экономическай тѳрүттэрэ","Марксизм уонна тыл үѳрэ5ин боппуруостара" диэн Сталин үлэлэрэ,кини дакылааттар,этииляря,кини кылгас биографията буолбуттара.[Стр.69]

Национальнай боппуруос

[уларыт]
  • "Пропаганда и агитация, направленная к возбуждению национальной и религиозной вражды или розни,а равно распространение или изготовление и хранение литературы того же характера" диэн этиллэрэ, түбэһэр буруйа ХК кээмэйинэн букатын дуонна суох, икки эрэ сылга диэри, олус кыра этэ.[Cтр.77]

Доппуруос исхиэмэтэ

[уларыт]
  • — Ты трус, Яковлев! Ты вертишься как... на сковородке! Как ни крутись, все равно отсюда без срока не выйдешь! Знаешь, мы поймаем любого на улице, посадим и докажем, что он преступник! Так и знай! Что тебе суд?! Столько получишь, сколько мы дадим. В каждом якуте сидит националист, а ты б... такой же. Сопляк якут! Грязный якут! Мы, органы, здесь никому не подчиняемся! Выкорчим национализм в твоем карликовом институте! Твои преподаватели Башарин, Данилов, Романов уже здесь, сидят голубчики в клетке! - Следователь конфликтнай боппуруостары уонна сымыйа обвинение хаьытыыр, куттуур. [Стр.81]
  • — Якутский народ — очень хороший народ, мы, славяне, настолько уважаем, что даже он празднует тридцатилетие своей автономии,— хараҕынан имнэнэ-имнэнэ бөөҕүнүүрэ.— Мы, славянө, великодушны, сперва воспитываем, а непокорных строго караем. Ты лучше подписывай, нам дано право применять и другие средства, которыө делают людей более сговорчивыми. Ты, Яковлев, не думай, что это угроза, нет, действительно мы сделаем так. Близок локоть, да не укусишь, когда начнешь кровью срать на карачках будешь ползать...

Филиппов да, Березовскай да доппуруостарынааҕар кини доппуруоһа ордук кимиилээх, ордук ыарахан, хайдах эрэ уодаһыннаах буолара. — Не высказанное убеждение — не преступление. Но дело в том, что ты, Яковлев, будучи враждебно настроенным к русским, неоднократно высказывал свои антисоветские националистические соображения: так, например, якобы Якутия была присоединена к русскому государству насильственным путем вопреки желанию якутского народа. - Полковник Немлихер уоскатытан аргыый чуумпу кэпсэтиигэ тиэрдэ сатыыр [Стр.86]

  • — Какая еще автономия? Область, Яковлев, область, как все остальные области,— маатыралыырын быыһыгар Березовскай быһаарара.— Ваша... автономия — фикция!

Оттон Немлихер элэк оҥостон үгэргиирэ: — Яковлев, у вас, у якутов, ведь автономия: свой Верховный Совет, Совет Министров, так сказать, целое правительство. Чего вам еще захотелось? - иккиэн бэйэ-бэйэлэрин билэр оруолларынан Даланы доппуорсталыыллар. [Стр.107-108]


Кулаковскайы көмүскэһээччи

[уларыт]
  • ...Тэргэн саа тигинээтэ,

Үрэр саа үлүһүйдэ,
Сүнньүөх буулдьа сүлүһүннүрдэ,
Кыырыктаах үҥүү кыдьыгырда,
Ыстаал ыстыык ыныгырда,
Хатан батыйа хааннырда,
Уһуктаах тимир унньугурда,
Биилээх тимир илбиһирдэ,
Кириэппэс бөҕө иҥнэһиннэ,
Куорат бөҕө кураанахтанна,
Күбүөрүнэ бөҕө күл-көмөр буолла...[Cтр.54]

Свидание Аймах-билэ дьон

[уларыт]
  • Түӊ былыргы уйэлэртэн ордон кэлбит тыыннаах буолар иһин охсуһуу талан-сыыйан а5албыт бэйэни харыстаныы- көмүскэнии өйө-санаата,быһыыта-майгыта аймах-билэ дьону бииргэ олордон, көрөн-харайан, араӊаччылаан колхозтааhыӊӊа эрэ диэри тириэрдибитэ...[Стр.122]
  • О5о киэhэ дьабырдаахха хаhыытыыра-ыhыытыыра, оту-маhы алдьаттара, сир кырсын бааhырдара,кыылы-сүөлү өлөрөрө буойуллара тохтообута.[Стр.123]

Күлүм гыммыт күн сырдыга

[уларыт]
  • Не дождаться мне, видно, свободы,

А тюремные дни будто годы;
И окно высоко над землёй,
У двери стоит часовой.
Умереть бы уж мне в этой клетке,
Кабы не было милой соседки!..[Cтр.149]

Киhи эриэнэ иhигэр поручик адъютана

[уларыт]
  • Мас бараак ортотунан тамбурдаа5а, уҥа, хаҥас диэки икии улахан уора5айдаа5а.[Стр.190]

Кулут үлэтэ <<Катюша>>

[уларыт]
  • Сут сылларга аҥардас хоргуйан эрэ буолбакка оhолтон да5аны эмиэ өлө сыhат баар буолара.[Стр.287]

Көҥүл иһин "Үҥсүү"

[уларыт]
  • Саха норуотун а5ыйах ахсааннаах интеллигенциятын суох гыннахтарына да5аны, онтон биһиги балаһыанньбыт чэпчиэ суохтаа5а, абыранарбыт биллибэт этэ. [Стр. 318]
  • <<Соблюдение социалистической законности>> диэн тыл уостан түспэт буолбута. [Стр. 321]

Түҥнэстибит төлкө

[уларыт]
  • Дьонтон, күнтэн, айыл5аттан

Үллэстибит бэлиэм буолуохтун!
Үүнэн иhэр о5о сааспыттан
Сүппэт кэриэс хаалыахтын! [Cтр. 351]

  • "Миигин умсугуппут дьикти кэрэ харахтар миигиттэн хаhан да сүппэттэр, кургуом өйбүнэн көрө сылдьар буолабын... [Стр. 352]
  • Сыл, хонук дириҥ да кирбиилээх

Иҥиэттэн бүппэккэ муҥнуура.
Оо, таптал олус да кимиэллээх
Оспокко сүрэ5и баттыыра... [Стр. 352]

  • Күһүҥҥү түүн

Сөрүүн салгын алгыйда
Түннүкпүнэн уолкпар.
Хоһум иһэ чуумпурда
Хоһоон-ырыа туойуохпар. [Стр. 353]

  • <<Оо! аанньалым эмиэ туох буолан

Санаар5аан санньылыйдыҥ?
Оонньуур имиҥ хаана өһөн
Сүрэхпин-быарбын ыйманыттыҥ? >> [Стр. 355]

  • Ханнык да улуу уу айана бастаан

Бэрт кыра тымыртан-сыдьаантаан сиэятиллэр;
Эбэтэр эн үлэҥ син эмиэ бар6аран
Оло5у тутуhар огруйар күүстэнэрэ. [Стр.357]

  • Доруобай буолуохха, үчүгэйдик аhыахха-таҥныахха уонна миэхэ ханнык да кылаассабай өй-санаа,мөккүөр диэн суох буолуохтаах этэ.[Cтр.357]

Биhиги туохтан куттанарбытый?

[уларыт]
  • Кө-ө-өр!

Көбдөхтөөх көхсүбэр
Көрдөөх-нарбын
Көтөллөнөн сылдьаммын
Көлөөскө саҕа
Көмүс күөгү күөмэйбинэн
Көрүлээбит бэйэккэм этэ. [Стр.366]

Өйү оҕуурдааһын

[уларыт]
  • Биhиги көлүөнэ таҥара итэҕэлин билбэт гына иитиллибитэ. Кинини Лениҥҥэ, Сталиҥҥа итэҕэл солбуйбута. Дьиҥинэн ыллахха, марксизм-ленинизм ханнык даҕаны наука буолбатах, аныгы итэҕэл, религия этэ. [Стр.371]

Ситэ ааҕыллыбатах роман

[уларыт]
  • Каждый человек имеет право на жизнь, на свободу и на личную неприкосновенность.

(Всеобщая декларация прав человека."Статья 3"). [Стр.6]

  • Үрдүк үөрэ5и бүтэрээри сылдьар студеннар,экономика, социология туhунан тугу да билбэппит,бэл улуу учёнай Эйнштейн кини относительность туhунан теориятын истибэт да этибит. [Стр.9]
  • Өстөөхтүү санаалаахтары күнүhүн тымтыктанан көрдөөhүн:"Кто не с нами, тот против нас".[Стр.9]
  • Саха сиригэр,"Баhаарын дьыалата" диэн күөрэйэн тахсыбыта.[Стр.9]

Башарин куруhуога

[уларыт]
  • Г.П.Башарин куруhуогуттан алта уонча учёнайдар иитиллэн тахсаннар,бүтүн научная оскуола төрүттэммитэ.[Стр.11]

Түптүрдээх түрмэ5э

[уларыт]
  • Никто не должен подвергаться

пыткам или жестоким,бесчеловечным
или унижающим его лостоинство
обращению и наказанию.
(Всеобщая декларация прав человека.Статья 5[Стр.20]

  • Бастаан үлтү сынньан, биитэр үлтү мө5өн-үө5эн,карцердаан,утуппакка сүргун тоhутан ,ээххин этитэн,следователь туох диэбитигэр илии баттыыра буолбутуҥ эрэ кэннэ протоколу бэйэлэрин илиилэрин суруйан баран илии баттаталлара.[Стр.22]

Ис түрмэ

[уларыт]
  • Оо,ис түрмэ,ама үгүс киhи хара5ын уутун көрбүт үгүс киhи соругар-муҥугар, оло5ор турбут сир буолла5ыҥ![Стр.25]

Сталин фемидата

[уларыт]

"...Я никогда не был врагом Советсвкого строя.И нет для этого никаких причин.Я родился в совесткое время,никто из моих родственников не запятнал своё имя никакими преступлениями против власти..."[Стр.94]

Эрэй-муҥ кэриимэ

[уларыт]
  • Киhи мутугунан быра5ар муҥур үйэтин ырытан көрдө5үнэ, чахчы сөбүлээбит,убаастаабыт-ытыктаабыт дьоно олус да а5ыйах буолар эбит.[Стр.137]
  • Киhини винтигинэн ,тутуу матырыйаалынан аа5ар икки модун күүстээх тоталитарнай системалар өлөр-тиллэр хапсыhыыларыгар биирдиилээн иваннар,фрицтэр эрэйдээхтэр дьыл5алара диэхтээн,букатынтуох да5аны суолталара суо5а.[Стр.141]

Cмертник Саха сирин трагедиялара

[уларыт]
  • Бодойбо5о нуучча рабочайдарын ытыалааhын этэ:250 киhи өлбүтэ, 270 киhи бааhырбыта. Ол событие туhунан Сталин, үөрбүттүү,"Тронулась.Тронулась река народного движения" диэн суруйбута.[Стр.149]
  • Саха сиригэр түөрт төгүл дьону маассабай өлөрүү буолбута. Олор:Никольскай дэриэбитинэн аннынаа5ы кыдыйыы,Чурапчылары хоту көhөрөн өлөрүү,Учур эбэҥкилярин иэдээннэрэ уонна Алдан өрустээ5и алдьархай.