Дора Васильева
Дора Егоровна Васильева (1938-2019) - тыл билимин дуоктара, литературовед, кириитик, НА Сибиирдээҕи салаатын бочуоттаах бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Казахстан Республикатын "Алаш" литературнай бириэмийэтин лауреата, Арассыыйа суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ.
“Улахан прозаик үгүс айымньылара эриирдээх драматическай түгэннэргэ таҥыллыбыт сытыы тыҥааһыннаах сюжеттарга олоҕуран ааҕааччы болҕомтотун тардар күүстээхтэр (Николай Якутскай туһунан)”;
“Болот Боотур сүрүн айымньылара ХХ үйэ саҥатыгар киэҥ нэлэмэн иэннээх Саха сиригэр олох хайдах уларыйан испитин дириҥ реалистическай хабааннаахтык, араас өттүттэн көрөн ойуулаабыт суруйааччы, историческай, этнографическай чахчылары айымньыларын геройдарын олохторугар, саныыр санааларыгар, күннээҕи дьайыыларыгар итэҕэтиилээхтик сыныйан көрдөрбүт художник этэ”;
“...кэпсээҥҥэ Мыычаар оҕонньор олоҕунан былыргы батталлаах үйэҕэ дьадаҥы дьон ыар дьылҕалара аахпыт эрэ санаата хараастыах, сүрэҕэ айманыах курдук көрдөрүллүбүт” (Суорун Омоллоон “Аанчык” кэпсээнин туһунан);
“Иван Гоголев... Хобороос уонна Кыһалҕа курдук хаарыан талааннара, ураты дьоҕурдара халтайга хаалбыт, түҥкэтэх үйэҕэ төрөөн төттөрү төлкөлөммүт, ынырык дьылҕаламмыт баттыгастаах үйэ “Хара кыталыктарын” итэҕэтиилээхтик көрдөрөр, киһи өйүн-санаатын, дьоҕурун көлөһүннээһин, кини илиитин күүһүн көлөһүннүүрдээҕэр быдан алдьатыылааҕын уонна ыараханын чорботон бэлиэтиир...” (Иван Гоголев “Хара кыталык” романын туһунан);
“Айымньы омос көрдөххө, оскуола олоҕор анаммыт, онус кылааһы бүтэрээри сылдьар оҕолор тустарынан кэпсэммит. Ол гынан баран, сэһэн бүтэһик лииһин сабан баран, биһиги олохпут бэрт үгүс проблемалара, урут да буолбуттар, билигин да бааллар, хойут да буолуохтаахтар бары биир сюжетнай линияҕа түмүллэн бэркэ диэн ситимнэнэн, киэҥ, дириҥ хорутуулаахтык ойууламмытыттан астына түһэҕин” (Далан “Дьикти саас” сэһэнин туһунан);
“Айымньы сюжетнай линията бэрт уустук. Сүрүн сюжетнай хайысхата сахалар аан бастаан Бүлүү өрүс кытылыгар олохсуйууларын батыһан сайдар. Ол гынан баран бу сүрүн сүүрээҥҥэ даҕатан Саха сирин атын норуоттара – туматтар, тоҥ биистэр, майааттар, дьирикинэйдэр, о.д.а. кыргыс үйэтинээҕи дьон олохторо-дьаһахтара, быһыылара-майгылара, араас биистэр уонна аҕа уустарын атааннаһыылара уус-уран хартыына буолан ааҕааччы иннигэр арыллар” (Далан “Тулаайах оҕо” романын туһунан);
“Оҕоҕо аналлаах суруйуулар үрдүк уус-уран маастарыстыбалаах буолуохтаахтар. Кинилэр өйдөрүгэр тыыннаах хартыыналарынан бэриллибит уобарастар ордук чугастар, өйдүүллэригэр биир хартыына атын хартыынанан солбуллан иһиитэ, суруйуу тыла-өһө сымсата, ритмичнэйэ, музыкальнайа эрэйиллэр”;