Анатолий Слепцов
Анатолий Игнатьевич Слепцов - саха суруйааччыта, Арассыыйа суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ.
Айымньыларыттан
[уларыт]Киһи дьон сүрэҕэр суол хаалларар буолан Киһи дэнэн эрдэҕэ. | |
— Тиэрэ бырах. - Дьокуускай: Бичик, 2012, с.9 |
Кэс тылтан маппыт эрээри, бэлэскэ силлэппит буоллаҕым дуу?.. | |
— Тиэрэ бырах. - Дьокуускай: Бичик, 2012, с.93 |
Аттыбар сылдьар биир идэлээхтэрбин көрдөхпүнэ, туох эрэ ураты күүһү сүрэхтэригэр илдьэ сылдьар дьон эмчит буолаллар быһыылаах дии саныыбын. | |
— Тиэрэ бырах. - Дьокуускай: Бичик, 2012, с.94 |
Айанньыттар барар сирбит биир, суолбут биир... Хаамыыбыт арыый араастаах...Сүгэһэрбит арыый уратылаах... Олохпут эмиэ маннык буоллаҕа - идэбитинэн туспа дьоммут, майгыбытынан маарыннаспаппыт, ол эрээри, бииргэ баран иһэбит. | |
— Кустук төрдө. - Дьокуускай: Түһүлгэ, 2015, с.56 |
Мин Тааттабын, мин төрдүм бу сыыппараттан саҕаланар... | |
— Кустук төрдө. - Дьокуускай: Түһүлгэ, 2015, с.13 |
Дойдуга таптал сүлүһүн тыллаах өрөгөй ырыатыттан, сиэдэрэй оһуордаах-мандардаах дуоҕаттан-былаахтан саҕаламмат. | |
— Кустук төрдө. - Дьокуускай: Түһүлгэ, 2015, с.6 |
Силиһэ суох дьон дойдубутун барытын өтөххө кубулуппаттар дуо? | |
— Кустук төрдө. - Дьокуускай: Түһүлгэ, 2015, с.74 |