Харах
Тас көрүҥэ
Харахха сыһыаннаах сомоҕо домохтор, өс хоһоонноро, бэргэн этиилэр, айымньылартан быһа тардыылар.
Харахха сыһыаннаах сомоҕо домохтор
[уларыт]- Чолбон харах
- Уоттаах чолбон (курдук) харах
- хара харахпар көстүмэ
- хара харахтаах көрбөтүн, хаптаҕай кулгаахтаах истибэтин
- харах баайыыта
- харах бэс - ордук санаатахха, ордугурҕаатахха туттуллар
- харах бэстээх
- харах дала
- харах дьүккэтинии харыстаа
- харах-көс буол - кэтээ
- харахпар көстүмэ
- харахтаах көрбөтүн, кулгаахтаах истибэтин
- харахтаах кынчарыйыа, илиилээх охсуо, тыллаах этиэ
- харахтан сыыһы ылбыт курдук
- харахтара ирэн барда
- харахтарын аллара көрдүлэр
- харахтарын хааннааҕынан көрдө
- харах таһаарын - барыс киллэрин, туһан
- харах тэстэринэн
- харах тэстэр хараҥата
- харахха быраҕыллар
- харах халтарыйар - наһаа элбэх эбэтэр олус кэрэ
- харах харамыгар
- харах харатын курдук харыстаа
- хараххар өл
- хараххар үүт ыгыахтара суоҕа
Харахха сыһыаннаах өс хоһоонноро
[уларыт]- Кулгаах ырааҕы истэр, харах чугаһы көрөр.
- Чарапчылаах көрүөҕэ, бэргэһэлээх истиэҕэ.
- Баай хараҕар харчы кыбыллыбыт.
- Байар киһи хараҕа дириҥ.
- Нуучча хараҕын уута эрэ суох.
Харах туһунан этиилэр
[уларыт]- Таптыыр харах көннөрү харах көрбөтүн көрөр дииллэр.
- Харах – киһи дууһатын сиэркилэтэ. Куһаҕан, кирдээх, кэтэх санаалаах киһи хараҕа сырдыы оонньуу сылдьарын хаһан да көрүөҥ суоҕа.
- Сонун харах ордук кыраҕы, көрө үөрэммит киһи көрбөтүн көрөр дииллэрэ кырдьык.
- …киһи хараҕа эмискэ арылла түһэр, урут аахайбатах ла суолларгын саҥалыы көрөр түгэннэриҥ баар буолаллар. Софрон Данилов
- Харах уута арыт үөрүүнү кытта эмиэ аргыстаһар.
- Ытыыр киһини “уйан киһи” дииллэр. Суох, сымыйа, харах уута үксүгэр, хатан санаа ыраас сүрэҕи саҕан таһаарар тыыннаах уота буолар. Харах уута – уот! Төлөннүү салыыр ээ, дууһаны ыраастытар, көхсүн дьэгдьитэр. Хомолтоттон, үөрүүттэн ытаабат сүрэх диэн – умайбат сытыньаҥ, ыалдьыбат искэн буоллаҕа дии. Амма Аччыгыйа
- Киһи өһүөннээх хараҕыттан куһаҕан бу аан дойдуга туох да суох… Иван Гоголев
Харах туһунан уус-уран айымньыларга
[уларыт]Хаамтаҕына намылхай | |
— Леонид Попов тылларыгар Алексей Попов мелодиятыгар киэҥник биллэ сылдьыбыт "Ханна көрдүм этэй мин?" ырыаттан |