Амынньыкы уус
Амынньыкы уус (Семен Иннокеньевич Гоголев) - саха аатырбыт тимир ууһа.
Уус кутун харчыга атыылаатаҕына, уус буолан бүтэр. Ону өйдөөр хойут. | |
— Түмэллэри, ыаллары, өтөхтөрү кэрийэн..., Мандар Уус интервьютуттан, 2012 |
Амынньыкы туһунан этиилэр
[уларыт]Варган муусукатын бастакы кэмпириэнсийэтин кэмигэр биир боростуой сымнаҕас көүҥнээх оҕонньор уу саппыкылаах, хара көстүүмнээх тиийэн кэллэ. Аҕабын саныы түстүм. Дьон: "Оҕонньорбут кэллэ", - диэн тула көтө түстүлэр. Туох оҕонньор буоллаҕай? Били аатырар Амынньыкы эбит. Бэйэм, хомустарбын аҕыйаҕы оҥорбут буоламмын, хайдахтарын билбэтим. Көрдөрүөхпүн салынным. Сүдүтэ бэрт. Муусука үнүстүрүмүөнүгэр олоҕун анаабыт А. Чахов Амынньыкы соҕотох кэмигэр еөрүһүннэрдэ. Биһилиэхтээх хомуһу оҥоруохтарыттан билсэллэр эбит. Мин кэпсэтэн иһэн оҕонньорго хомуспун таһааран көрдөрө биэрдим. Тииһэ суох буолан, кыайан тардаахтаабат эбит. Эргим-ургум тутан көрө-өр, кулгааҕар даҕайа-ар, саҥата суох олоро-ор, сырдыкка ыйдаҥарда-ыйдаҥарда көрө-өр. Мин туох диирин кэтэһэ сатаан, долгуйан тиритэн бардым. Куһаҕан диэтэҕинэ, буорайыахтаахпын. "Дьэ, сыччыый, - сүрдээх холкутук саҥарда, - эрэйи көрөр оҕо буолбуккун". Сыана онон бүттэ. | |
— Түмэллэри, ыаллары, өтөхтөрү кэрийэн..., Мандар Уус интервьютуттан, 2012 |