Иһинээҕитигэр көс

Амма (өрүс)

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт

Амма өрүс диэн Алдан өрүс хаҥас уонна ордук уһун салаата буолар. Уһуна - 1462 км, тэнийэн сытар иэнэ 69 300 км2. Төрдө Алдан хайаларыттан саҕаланар, онно дириҥ синньигэс көҥүс устун сүүрэр. Төгүлтэ төрдө диэн сиртэн өрүс кэҥиир, сүүрүгэ намтыыр. 10 км уһуннаах 195 салаа үрэх түһэр. Өрүс сүнньүгэр 5700-эн тахса күөл, 2900 үрүйэ баар. Саха сирин биир кэрэ көстүүлээх сирэ.

Амма өрүс туһунан уус-уран айымньыга

[уларыт]
  •  

Мин хаһан да төрөөбүт өрүспүн - Амма эбэбин - кыра, дьара дии санаабатаҕым. Кини миэхэ өрүү ытык ийэ - Амма эбэ.
Оо, ахтан аҕай кэлбиппин ээ, Аммам барахсан, Эн утаҕы ханнарар ыраас дьэҥкир ууҥ минньигэс амтанын, хаамтым кырылас тааскын кэһэн, сыгынньах атаҕым минньигэстик нүөлүйэр ыарыытынан сүрэхпин уһугуннара. Эбэм барахсан, көрсөҕүн миигин будьурхай иирэлэриҥ, мин сүрэхпэр өйдөнөр нарын ырыаларыгар бигии, ыаммыт үүт курдук сылаас, дьэҥкир уугар устар сааспын сайгыы.
Сир дойду киэҥ, аан дойду арастаах. Кэрэ, дьикти да сирдэр ханна барыахтарай, баар бөҕө буоллахтара, ол эрэн, Аммам барахсан, Эйигиттэн ордук күндү мин сүрэхпэр суох!

  — Аммам барахсан, Миитэрэй Наумов
  •  

Хара муора биэрэгиттэн
Ордоробун эйигин.
Оо, мин дойдум, таптыыр Аммам?
Иһит ыллыыр ырыабын.

  Ольга Иванова тылларыгар уонна мелодиятыгар "Аммам, иһит ыллыыр ырыабын" ырыаттан
  •  

Амма уута сырдык-ыраас,
Амма уута сып-сылаас.
Сөтүөлүүргэ, сынньанарга
Айылҕаттан аналлаах.

  Ольга Иванова тылларыгар уонна мелодиятыгар "Аммам, иһит ыллыыр ырыабын" ырыаттан