Иһинээҕитигэр көс

Бэрияк Алексей Алексеевич

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт

Бэрияк Алексей Алексеевич (Бээрийэк, Бээрийэкэнэп) — Уус Алдантан төрүтээх саха бэйиэтэ, тылбаасчыта, прозаига.

Хоһоонноруттан быһа тардыылар

[уларыт]
  •  

Мин эдэр төбөбөр охсуллан ааһаллар:
Сарыаллаах-саталлаах, түгэхтээх санаалар...
Убайан сандааран тырымнаан көстөллөр,
Инники дьиктилэр — дьиримнии көтөллөр

  Хоһооннор (А.А. Бээрийэкэнэп) ыам ыйын 1, 1934, Мүрү дэриэбинэтэ
  •  

Таастан тааска охсулла,
Чарылыйа-суккулла,
Улуу очуос быыһынан
Сүүрэр-көтөр Уйаандьы...

  — Өрүһүйэр күн күүстэн, Уйаандьы, 1949
  •  

Кэмсиин, тымныы киэһэлэргэ
Харыс бараан халтаҥнарга
Кулуһуммут уоттарын
Куугуначчы оттон баран,
Хоту хайам тэллэҕэр
Хонор, өрүүр бэрдин даа!

  — Хоту хайа устун, Эппокилкээн, 1949
  •  

Сүрэххэ өрүү минньигэс
Сөрүүн-сөрүүн уулардаах
Кыра, бөдөҥ кээкирдэргэ
Кырылаччы охсуллар —
Таастарыгым үрэҕэ
Чарылыыра кэрэтиэн!

  — Хоту хайа устун, Эппокилкээн, 1949
  •  

Кэннинэн кэхтэри билбэппит,
Билэбит — инники кимиини,
Өбүгэ саҕаттан үгэспит —
Өстөөҕү өргөскө түһэрии.

  — "Бардыбыт боевой походка" диэн Аҕа дойду сэриитин сылларыгар ырыа буолбут хоһоонуттан

Кини туһунан атыттар

[уларыт]
  •  

Үчүгэй маллаах ыалга биллэн турар, кыргыттар ымсыырарбыт. Оттон аҕабыт утарар суола – ити! Мещанныы быһыы диэн мааны миэбэли, иһити-хомуоһу мунньунар дьону сэмэлиирэ.

  — Бэрияк Аида Алексеевна, «ТУОХТАН ДА КҮНДҮТҮК КӨРӨБҮН…» «Чолбон» сурунаал редакцията «Чолбон» сурунаал редакцията, 16.10.2023