Айах
Тас көрүҥэ
Сомоҕо домохтор
[уларыт]- Айаҕа хам буолбат (саҥата суох олорбот, тугу эрэ саҥара, кэпсии сылдьар)
- Айаҕар ас киирбэт (Ыалдьан, санаарҕаан аһаабат)
- Айаҕа суох (1. Саҥарыа суоҕу саҥарар 2. Ас баар буоллаҕына, астаах сиргэ киирдэҕинэ кыайан аһаабат буолан хаалар)
- Айаҕа хайдыаҕынан (Аһара улаханнык)
- Айаҕа хам буолбат (Саҥата суох олорбот)
- Айаҕа хараарар (Мэлдьэһэр, букатын билиммэт)
- Айаҕын абатын, тумсун тууһун (Өһүргэнэн, абарбыт киһи тыла)
- Айаҕын биэрбэт (Салайыыга кыайтарбат (ат))
- Айаҕын булунар (Аһыыр аһын булунар)
- Айаҕын бүөлээ (Бэлэҕинэн, бэригинэн толунан, саҥарыллартан сэмэлэнэртэн быыһан)
- Айаҕын ииттэр (Айаҕын булунар курдук)
- Айаҕын муҥунунан (Улаханнык айдааран)
- Айаҕыҥ хатаарай
- Айаҕыттан таһаарарыгар харбат (Быдьар тыллаах)
- Айах адаҕата (Көдьүүһэ суох иитиллээччи)
- Айах көҕүрүүр (Көдьүүһэ суох иитиллээччи өлөн биитэр баран, иитийэх ахсаана аҕыйыыр)
- Айах тарҕатар (Тиийиммэт-түгэммэт киһи кэргэнэ ыалга хонон-өрөөн, арыт өр бириэмэҕэ олорон иитиллэрин этэллэр)
- Айахтааҕы атыппат (Уус тыллаах, мөккүһэн кими да тулуппат, саҥарбат)
- Айах тут (Ытыктаа, күндүлээ)
- Айахха астарда (Саҥата суох, ах барда)
- Айахха киирбиччэ (Түбэһээрэй, толкуйдаабакка саҥарар)
- Айахха тиийэр (Киһи, сүөһү аһылыгар үп-ас, от-бурдук тиийэрин-тиийбэтин туһунан этии)
- Айах үрдүн охтор (Ыһыахха кымыһы иһэргэ бастакы айаҕы иһэн саҕалыыры этэллэр)
- Айах ыла аҕа (Кыранан аҕа)
Өс хоһоонноро
[уларыт]- Илии хамнаатаҕына айах хамныыр.