Аартык
Тас көрүҥэ
Аартык - киэҥ, улахан айан суола; айан суолун төрдө; сүрүн суол.
Өс хоһоонугар, сомоҕо домоххо
[уларыт]- Суол сурахтаах, аартык ааттаах.
- Аартыгы арҕар.
- Аартыгы ас.
- Аартыкка баппатах акаары.
Болкулуорга, үһүйээҥҥэ ахтыллыыта
[уларыт]- Аартык иччитз - былыргы итэҕэлинэн аартыгы дьаһайар, ааттастахха, бэлэх-туһах биэрдэххэ этэҥҥэ сырытыннарыан, араҥаччылыан сөптөөх.
- Аҕыс хараҕалаах аартык.
- Аан дойду аҕыс адаардаах аартыга.
- Айыыһыт хотун алгыстаах аартыга, иэйэхсит хотун илбиргэстээх аартыга.
- Айыы тыргылла аартык.
- Айыы чамалҕан аартык.
- Айгыр-силик аартык.
- Айаан аартык.
- Тэргэн аартык.
- Алгыстаах аартык.
- Алдьархайдаах аартык.
- Амырыын аартык.
- Аныардаах аартык.
- Аргыардаах аартык.
- Атааннаах аартык.
- Дорҕоонноох аартык.
- Дөргөм дэлэгэй аартык.
- Муус Күҥкүйэ аартык.
- Дьулусханнаах дьолуо маҥан аартык.
- Кураанах куктуй хотун аартыга.
- Кээхтийэ хаан хотун аартыга.
- Ойуун аартыга.
- Хаан аартык.
- Хаан-дьаргыл аартык.
- Харылҕан аартык.
- Хоролҕон аартык.
- Чэлгиэннээх аартык.
Уус-уран айымньыга
[уларыт] Мин- | |
— Арбита, Көмүс күрүлгэн, Дьокуускай, 1939 |
... ат барахсан тыбыыра түһэн баран, туох даа бокуойа суох аартык айаҕын диэки таҥнары тэбиммитэ. | |
— П.А. Ойуунускай, Сэһэннэр, кэпсээннэр. Бичик: 2003, Сүрэх. С.152 |