Өксөкүлээх Сэмэн
Тас көрүҥэ
Өксөкүлээх Сэмэн-Таатта Олоҥхоһута
XVIII-с үйэ иккис аҥарыгар, XIX-c үйэ саҥатыгар II-с Дьохсоҕон нэһилиэгэр Сиэллээххэ, «Саһыл Уйалаах » уонна «Наттаара» диэн айылҕа барахсан анаан айбытын курдук араҕас арыынан алла турар аҥаат- муҥаат алаастар киэҥ киэлилэригэр, кэтит таһааларыгар 500 сүөһүлээх Моһоотто Сиипсэп диэн улуубаай олорон ааспыта. Киниттэн Ырыа Сиипсэп, кэлин сүрэхтэнэн Өксөкүүлээх Сэмэн диэн ааттаммыт, бэйэтин кэмигэр киэнник биллибит улуу олоҥхоһут, ырыаһыт да быһыытынан киэҥ сирдэринэн аатырбыт-сураҕырбыт, таатталартан биир бастакынан нууччалыы сурукка-бичиккэ үөрэммит киһи кэрэмэһэ олорон aacпыта үһү. Кини өр сылларга бэйэтин нэһилиэгэр кинээстээн олорбут Баспай Ойууҥҥа суруксуттаабыт. Саха саҥалаах уос номоҕо оҥостубут, Мэҥэ улууһун аатырар баайа Доодор Кулуба (Михаил Кардашевскай) улахан кыыһын ойох ылан, дойдутугар сүгүннэрэн аҕалан бэрт дуона суох кэм устата эйэ дэмнээхтик олорбуттар. Ырыа Сиипсэп аар-саарга аатыран, күннээн-күөнэхтээн сылдьан, бэйэтин да улууһун. туора да улуустар сайыҥҥы, киэҥ түмсүүлээх Үрүҥ тунах ыһыахтарыгар ыҥырыыттан ыҥырыыга сылдьан, олоҥхолуура, ыллыыра - туойара үһү. Кини күндү көмүс күөмэйин, оччотооҕу бэртэр, сайыҥҥы тахсан эрэр күн сардаҥатыгар тэҥнииллэр үһү диэн сурах баар. Бу Сэмэни оччотооҕу саамай мааны дьонноруттан ойуччу маанытык, ыраастык таҥнарын, улахан төрөл уҥуохтааҕын, киэҥэрилкэй харахтааҕын, сытыы чыҥырҕас, баай кылыһахтаах куоластааҕын иһин Өксөкүлээх диэн хос аатын иҥэрбиттэрэ үһү диэн буолар. Кини арыы саһыл хааннаах, кыыс кэрэ дьүһүннээх буолан, ханна тиийдэ да дьон- сэргэ билэ -көрө охсоро эбитэ уhу. Өксөкүлээх Сэмэн өркөн сытыы өйүнэн, сытыары сымнаҕас майгытынан, дьоҥҥо судургу, үтүө сыһыанынан эриэ -дэхси аатырбыта сураҕырбыта бэрт буолан, оннооҕор куоракка киирдэҕинэ, кинини дьоннор бары эндэппэккэбилэ охсоллоро уонна батыһа сылдьан олус кэрэхсээн көрөллөрө -истэллэрэ, кэпсэтэллэрэ үһү диэн оҕонньоттор кэпсэтэллэрин истэрим. Бу дьиҥ-чахчы саха киһитин тускута тупсарыгар, соргута сонууругар, өрөгөйө үрдүүрүгэр ананан төрөөбүт кэриэтэ ытык, мааны киһи Өксөкүлээх Сэмэн көмүс уҥуоҕа «Наттаара» эбэ хотун көмүс халдьаайытыгар, икки саһаан дириҥнээх ииҥҥэ көтөҕүллэн, алтан уҥуоҕа араҥастанан сытар уонна кини аттарпат албан аата, оҕус соспот-суон сураҕа — садьыга билиҥҥэ диэри сүппэккэ - умнуллубакка норуотугар уoc номоҕо буолан сылдьар.
Е.Д.Андросов | |
— [[]] |