Иһинээҕитигэр көс

Этэҥкэс Уйбаан

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт

Иван Саввич Христофоров (Таатта олоҥхоһута) - Тута сөрөөн, туран туойарынан, хото тутан хоhуйарынан, ылламнык ыллыырынан, эриэ-дэхситик этэринэн аатырбыт Этэҥкэс Сааба уола Этэҥкэс Уйбаан диэн олоҥхоhут баара. Этэҥкэс Уйбаан — Иван Саввич Христофоров Баайаҕаҕа Соҕуруу Лампаҕа төрөөн-үөскээн, күнүн сиригэр күндү-көмүс күөмэйинэн көнүл көччүйэн, олох олорон ааспыт киhи этэ. Кини аҕатын, эhэтин саҕаттан, удьуордаан туран, дьиэлэригэр — уоттарыгар ырыаhыттары, олоҥхоhуттары ыалдьыттатан ыллатар. хоноhолотон олоҥхолотор үтүө үгэстээхтэрэ үhү. Инньэ гынан Этэҥкэс Уйбаан оҕо эрдэҕиттэн олоҥхоҕо умсугуйбута, ырыаҕа ылларбыта диэн кэпсииллэрэ.

Этэҥкэс Уйбаан кэлин улаатан, ойох ылан баран, эмиэ ыҥырыыттан ыҥырыыга сылдьан олоҥхолуур угэстэммит. Кини уутуйан олоҥхолоотоҕуна долбуурга иҥнэри ууруллан турар тимир алтан иhиттэр кытары ыллаhар курдук биир кэм лыҥкынаhа-лаҥкынаhа турар буолаллара. Этэҥкэс Уйбаан таптаан ыллыыр олоҥхолоро «үөhэттэн өрүттээх үрүн Уолан бухатыыр», «Ала дьоруо аттаах айыы уола Алыhын Боотур» диэннэр. Кини бэйэтин олоҥхолуур уоругар, ыллыыр абыгар улахан уолун Маппыйы оҕо эрдэҕиттэн уhуйан эмиэ үтүө олоҥхоhут онорбута.

Этэҥкэс Уйбаан олоҥхолорун айыыларын, абааhыларын бухатыырдарын, ону тэнэ Айыы да, абааhы да дьахталларын куоластарын үтүктэн, эҥин-эгэлгэ дьикти тус-туhунан куолаhынан уларыта-тэлэритэ сылдьан ыллаан-туойан эҥсэлиттэҕинэ, дьон эттэрин сааhа аhыллан, куйахалара күүрэ олорон истэллэрэ. Кини этэр тыла эриэ-дэхси имигэhэ, олоҥхотун сирин-дойдутун да ситэрэн ойуулуура үгүс атын олоҥхоhуттартан чыҥха атын этэ диэн,кини олоҥхотун истибит дьон сөҕөҥ-махтайан кэпсэтэллэрин, бука, үгүстүк истибитим буолуо. Эhэтин уонна айбыт аҕатын удьуордаан буолуо, билигин Боробулга олорор Иван Матвеевич Христофоров эдэригэр, 1957, 1959 сыллаардааҕы бастакы ыччат фестивалларыгар сахалыы «дьэ-буо» ырыалары толорууга билигин аатырар Гавриил Колесовтыын күрэстэhэн ыллаан, иккиэннэригэр кыайан турардаах. Оччолорго, фестивалга мустубут дьон, Иван Матвее- вич ыллыырын-туойарын адьас батыhа сылдьан истэллэрэ, тыл-өс тиийэринэн хайгыыллара, арбыыллара. Баҕар, ол сэтигэр буолуо, Иван Христофоров ыллыыр дьоҕурун салгыы сайыннарбакка, дьарыгырбакка эрдэ быраҕан кэбиhэн, айылҕа барахсан маанылаан бэрсибит күндү көмүс куолаhын көппөҕүрдээх, хаалларан олордоҕо.

Этэҥкэс Уйбаан уйгулаах олохтоох туруу бараан дойдутуттан 1940 сыл диэки сэттэ уон сааhын ситэ туолбакка олорон арахсыбыта.

  •  

Андросов Е. Д.

  — [[]]

== Литэрэтиирэ ==Таатта олоҥхоһуттара, ырыаһыттара