Иһинээҕитигэр көс

Эрчимэн - Шестаков Егор Петрович

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт

Шестаков Егор Петрович — Эрчимэн (31.05.1927—07.03.1996) — бэйиэт, литэрэтиирэни ырытааччы.

  •  

Сахалыы уус-уран литература саҕаланыыта сахалыы сурук-бичик үөрэх-билии үөскээһинин историятын кытта быстыспат ситимнээх.

  — Алгыс тылынан саҕаламмыт литература / Арай мин умайбат буолуум. - Дьокуускай: Саха сиринээҕи кинигэ издательствота, 1973. - С.23
  •  

“Ойуун түүлэ” – интеллектуальнай поэма.

  — Ойуун түүлүн проблематиката / Өксөкүлээх өрүү тыыннаах. - Дьокуускай: Бичик, 1995. С.129
  •  

Николай Егорович айар үлэтин саамай күүстээх өттүнэн ордук-хоһу тыла суох, ыпсаран-хопсорон итэҕэтиилээхтик сэһэргиир ньымата буолар (Амма Аччыгыйын туһунан)

  •  

Саха норуотун сээркээн сэһэнньитэ диэн кини буолар(Амма Аччыгыйын туһунан)

  •  

«Кириитикэ суоҕар туох эрэ тиийбэтин курдук буолааччы»

  •  

“Сэмэн, мин Иван Гоголев “Хара кыталык” диэн арамааныгар оҥорбут чинчийиибин обкомнар бобон таһаартарбатахтара. Эн ону хайаатар даҕаны таһаартар уонна бу 70 сааспын туолар кинигэбэр ол улахан ыстатыйабын киллэр”

  •  

«…Бу Эрчимэн эрбиитэ, бу Эрчимэн сүгэтэ диэн киһи араарар суоллаах-иистээх киһитэ. Кини ыстатыйалара ньулуун буол­батахтар, кычыгылатыылаах буолаллар, кырдьыгынан мөккүһэрин сөбүлүүр» (Владимир Михайлович Новиков-Күннүк Уурастыырап литературнай кириитик, эстет быһыытынан, Егор Петрович Шестаков-Эрчимэн 50 сааһын туолбутун бэлиэтиир мунньаҕар эппит тыллара)