Иһинээҕитигэр көс

Эбээ Дьэбдьиэ (Евдокия Лиханова, 1900-2010)

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт

Эбээ Дьэбдьиэ (Лиханова Евдокия Семеновна, 1900-2010) — Хаҥалас улууһун Нөмүгү олохтооҕо, билиҥҥитэ Горнай Орто Сурт сиригэр 1900 сыллаахха төрөөбүт.

  •  

Сахатын аанньа ахтыбат киһи өйө-санаата туора омукка көһөр, төлкөтө онно барар.

  Р.И. Бравина, Экспедиция: өбүгэ аартыктарын арыйан, Айар, 2023
  •  

Былдьаһыктаах кэмҥэ "һуу-һаа" диэн, быстахха киирбэккэ, ааһар албыны эккирэппэккэ, өлбөт-хаалбат гына бэйэ сиригэр-уотугар дьип-дьап дьаһанан, кытаатан биэрэр куолу.

  Р.И. Бравина, Экспедиция: өбүгэ аартыктарын арыйан, Айар, 2023
  •  

Аныгы саха сирин баайын харыһыйан ытыы-соҥуу олорбокко, бэйэ туһатыгар таһаарар мөккүөрү тобуллаҕына, сайдар аартыга аһыллыа.

  Р.И. Бравина, Экспедиция: өбүгэ аартыктарын арыйан, Айар, 2023
  •  

Үлэтин таһаҕас оҥостубакка, идэтинэн астынар, дуоһуйар эрэ киһи олоххо кыайыылаах буолар.

  Р.И. Бравина, Экспедиция: өбүгэ аартыктарын арыйан, Айар, 2023
  •  

Таҥараны илэ көрбүт суох, эйигин кэтээн, тутан турбат. Таҥара — киһи үтүө санаата. Ол иһин киһи айыы санаанан салайтарыах тустаах.

  Р.И. Бравина, Экспедиция: өбүгэ аартыктарын арыйан, Айар, 2023
  •  

Киэҥ-холку майгы — уһун үйэ бэлиэтэ.

  Р.И. Бравина, Экспедиция: өбүгэ аартыктарын арыйан, Айар, 2023
  •  

Сүүрэ-хаама сылдьар ыарыыга бэриммэт.

  Р.И. Бравина, Экспедиция: өбүгэ аартыктарын арыйан, Айар, 2023