Иһинээҕитигэр көс

Ыстапаан Кустуктаанап

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт

Ыстапаан Кустуктаанап - Куорунай улууһун бэйиэтэ.

  •  

Ытарҕа ый сырдыыра
Ыраас сырдык уотунан
Долгуйара, ыллыыра
Сүрэх таптал дьолунан

Таптал кэрэ киэһэтэ
Дьоллоох буолуҥ диэбитэ

  — Таптал киэһэтэ


  •  

Тойон, хотун оҕото
Буруйу оҥордоҕуна,
Сокуон киһитэ хото
Бэриги уоптаҕына,

Суут эриэн мэкчиргэ
Баһыныы эргичиҥниир
Күлүгээн, түөкүн көҥүлгэ
Күлэн-үөрэн күүлэйдиир.

  — Тойон оҕото мэниктээтэҕинэ, кулут оҕото таһыллар


  •  

Үтүөнү оҥорботоххуна —
Үс үйэ үөҕүллүөҥ,
Кэччэнэн ооордоххуна —
Кэлтэгэй кэскиллэниэҥКим эрэ кими эрэ харыстыахтаах,
Онон үтүө тэнийиэхтээх.


  •  

Биэрэрин билбэт буолбут
Биһиги эдэр уолбут,
Илиитэ икки күлүүстээх,
Ыларга олус күүстээх.

  — Биэрэрин бэскэ ыйаабыт, уунарын умнан кэбиспит

Кустуктаанап туһунан

[уларыт]

Норуот сөбүлүүр поэтын айымньылара тыыннааҕар Саха сирин үрдүнэн тарҕанар гына бэчээттэммэтэҕэ олус хомолтолоох. Мас хайдыбытын курдук көнө киһи С.И.Кустуктаанап, кимтэн да үҥэн-сүктэн көрдөспөтөҕө, ааттаспатаҕа. Биирдэ эмэтэ айымньыларын мунньан, кинигэ бэлэмнээн ыытара эрээри, ол араас биричиинэнэн болҕомтоҕо ылыллыбат этэ. Онтон улаханнык хомойоро, кэлин эрэммэт да быґыылааҕа. Туохтан эбитэ буолла, биирдэ Орто Сурка суруйааччылар тиийбиттэригэр, көрсүһүүлэригэр да кэлбэтэх үһү. Өйдөспөт буолуу онно арыый сылыйан хаалыан, бэйэтинэн өссө дириҥэтэн биэрбит сурахтааҕа… Билигин атын кэм, биһиги, биир дойдулаахтара, хайаан да саатар, улууспутугар Духуобунас сыла биллэриллибитинэн кини биир эттээх-сииннээх кинигэтин бэчээттэтэр ытык эбээһинэстээхпит. - Василий Алексеев.