Иһинээҕитигэр көс

Ырыа Балааҕыйа

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт
Ырыа Балааҕыйа-Таатта олоҥхоһута

Ааспыт үйэ иккис анарыгар Баайаҕаҕа, Кутаама Үрэх сүнньүгэр олохтоох Мандар Сааба уола Күрдьүгэс Ньукулай диэн киһи көрдөр хараҕын дьүккэтэ, туурдар тииһин миилэтэ буолбут Балаабыйа диэн соҕотох мааны кыыстааҕа. Кыыһы, кэлин улаатан, ырыанан-тойугунан дьарыктанар буолуоҕуттан ылата Ырыа Балааҕыйа диэн хос эбилик ааттыыр буолтар. Кырдьыга даҕаны, Ырыа Балааҕыйа бэлэһигэр силлэппит курдук, илэ-бодо иэйэхситтээх, чахчы, бааччы айыыһыттаах ытык ырыаһыт, толуу тойуксут буолан, бэйэтин улууһун, нэһилиэгин таһыгар тиийэ сүүрүк аттыы сураҕырбыта садьыгырбыта. Кини бастар бараммат баһаам элбэх ырыаларын, тохтор бараммат толуу үгүс тойуктарын истибит эрэ барыта сөҕөрө, хайгыыра үһү диэн билиҥҥэ диэри уос номоҕор сылдьар. Маныаха эбии Ырып Балааҕыйа хомуска ураты нарыннык, истиҥ, дирин иэйиинлээхтик оонньуурунан дьону эмиэ умсугутара, Онон Ырыа Балааҕыйаны онно-манна улахан ыһыахтарга ыҥыран, олоҥхолотоллоро, ыллаталлара, хомуска да оонньотоллор.

  •  

Андросов Е.Д

  — [[]]