Иһинээҕитигэр көс

Ыачаан баай уола Солко Уйбаан (Таатта олонхоһута)

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт

Ыачаан баай уола Солко Уйбаан - Иван Васильевич Андросов (1835 -1915 сс.) уруккутунан 1-й Игидэй, билиҥҥитинэн Баа- йаҕа нэһилиэгэр «Кураанах», «Ампаардаах» диэн алаастарга тө- рөөн-үөскээн улааппыта. Ыачаан: Тиэхээн, Кэрбилэ Қирилэ уонна Уораҕайдаах Ылдьаа диэн дьоннору кытары бииргэ төрөөбүтэ. Солко Уйбаан бэрт эдэр сааһыттан нэһилиэгин олоҥхоһуттарын олоҥхолорун, ырыаларын батыһа сылдьан иһиллиир үгэстээх буо- лан, сыыйа-баайа кинилэртэн уһуллан, аакка киирбит ырыаһыт, номоххо сылдьар олоҥхоһут киһи буолбута. Инньэ гынан ыалтан ыалга, нэһилиэктэн нэһилиэккэ, улуустан улууска сылдьан, улахан урууларга, ыһыахтарга кэрийэн олоҥхолуур, ыллыыр-туойар үгэс- тэммитэ. Ити курдук кини киэҥ сирдэргэ тиийэ кэрэхсэнэн, атын дайдыларга тиийэ аатыран-суолуран сырыттаҕына, Чурапчы Ала- ҕарын сис баайа Ыстапаан Уйбаанабыс Солуомап: «Аны сайын уруу ыһыаҕын ыһабын, онно мин Сыҥсый уола Ырыа Охонооһой диэн ытык ырыаһыппын кытары Солко Уйбаан кэлэн ылластын», диэн илдьиттээбит. Солко Уйбаан ол улахан уруу ыһыаҕар баран, Сыҥсый уола Ырыа Охонооһойу кытары үс хонукка күрэс был- дьаһан ылласпыта үһү. Онно кинилэр киис кыыл кутуругун кэ- дэриччи туппут курдук кэҥкир хара тыаны, күөх хаарыс солко ырбаахыны наҥначчы кэппит, кыталык маҥан кыргыттары кэккэ- лэһиннэрэн кэбиспит курдук кэрэ, намчы хатыҥ чараҥнары, нуо- лур солко толооннор сирдэрин симэҕин кытары аан дойду хамныырын-харамайын, тылбыйар кынаттааҕын биири да ордорбокко хоһуйан ыллаабыттар-туойбуттар. Бу курдук кинилэр үс хонугу быһа тохтообокко ыллаан бүтүүлэригэр Ырыа Охоноон Солко Уйбаан ыллыыр куолаһын сөрү диэн сөхпүт, хайҕаабыт: «Сахаҕа дэҥҥэ үөскүүр солко курдук нарын-намылхай истиэхтэн кэрэ чуор куоластаах эбиккин гынан баран, этэр тылыҥ ситэ имиллибэтэр да,аатырыаххын аатырбыт ырыаһыт киһи эбиккин. Онон эн аатыҥ бэйэҥ куолаһыҥ курдук Солко Уйбаан диэн буоллун», - диэн сүрэхтээн ыыппыт уонна «ханнык баҕарар ыһыахтарга, урууларга арыый тутта соҕус ыллыыр-туойар буолаар», диэн сүбэлээбит. Бу икки улуу ырыаһыттар кэккэлэһэн олорон ыллаабыт тииттэрэ үс сыл буолан баран, адьас хагдарыйан, кууран хаалбыта үһү. үс Солко Уйбаан саас, хаар үрүҥэ-харата тэҥнэһэн эрдэҕинэ, оҕу- һунан от тиэйэн истэҕинэ дойду иччитэ ыллаһан, оҕонньор онтон тэптэрэн өлбүтэ диэн кэпсииллэрэ. Ханнык олоҥхолордооҕун уонна ырыалардааҕын билигин баар сиэнэ оҕонньор ситэ-хото билбэт, өйдөөбөт, арай «Тоһоҕо төбөтүгэр тоҕуста эргийэр тураҕас дьоруо аттаах Чуубустаан Боотур», «Эрбэх үрдүгэр биэстэ эргийэр элэ- мэс дьоруо аттаах Бэриэт Бэргэн» олоҥхолордооҕо үһү диэн кэпсиир.

  •  

Андросов Е.Д.

  — [[]]

== Литэрэтиирэ ==Таатта олоҥхоһуттара, ырыаһыттара